Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата барыта 86 оҕоҕо Саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэхтэри түҥэтэлээтэ. Бу үтүө дьыалаҕа Үөдүгэй тэрилтэлэрэ, чааһынай урбаанньыттара, биирдиилээн дьон көхтөөхтүк кытыннылар, спонсордаатылар.
Ол курдук, 10 чааһынай урбаанньыт, 2 тэрилтэ: 36 нүөмэрдээх аптека уонна киин балыыһа кэлэктииптэрэ, «Сиккиэр» түмсүү, 9 биирдилээн дьон уонна дьиэ кэргэттэр бу ааксыйаҕа кытыннылар.
«Чыычаах» маҕаһыын, салайааччы Герасимова Маргарита Васильевна, «Перекресток» маҕаһыын, салайааччы Яковлева Анисья Романовна, «Профото» тэрилтэ, салайааччы Антонов Александр Иванович, «Тэтим» ХЭТ Васильева Лилия Ивановна, бэкээринэ, салайааччы Михайлов Юрий Николаевич, чааһынай урбаанньыттар Секова Алена Андреевна, Павлов Прокопий Михайлович, «Милана» маҕаһыын, салайааччы Михайлова Анна Прокопьевна, «Аар Хатыҥ» маҕаһыын, салайааччы Николаев Иван Николаевич, «Алекс» маҕаһыын Александрова Александра Александровна.
Ону тэҥэ биирдиилээн дьон: Борисова Зоя Степановна, Романова Зоя Васильевна, Михайлова Екатерина Николаевна, Николаев Айаал Леонтьевич, Павлова Акулина Степановна, Ильин Афанасий Васильевич, Тюкянова Альбина Николаевна, Ефремовтар дьиэ кэргэттэрэ күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара.
Ону таһынан
эбии приемнай дьиэ кэргэттэргэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, соҕотох аҕаларга эмиэ минньигэс бэлэхтэри биэрдилэр.
Үөдүгэйдэр бу үтүө дьыалалара холобур эрэ буолуох кэриҥнээх.