СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс сулууспата иһитиннэрбитинэн, Айсен Николаев от ыйын 11 күнүгэр ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын тэрийэн ыытта. Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын балаһыанньата уустугун, оттон сорох улуустарга отой ыксаллаах балаһыанньа буолбутун, маныаха куйаас күннэр уонна күүстээх тыал умуруоруу үлэтигэр харгыс буоларын бэлиэтээтэ.
Эргитиллибит, салгыы барбат ойуур баһаардарыттан үлэһит күүһү уустук балаһыанньалаах оройуоннарга быраҕаттыылларыгар сорудахтаата. Чуолаан нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэтэр ойуур баһаардарыгар көмө наадатын ыйда. Зондировщик-сөмөлүөтү Өлүөхүмэ улууһугар ыыталларыгар сорудахтанна. Сөмөлүөт үлэлээбитин кэннэ, Таатта улууһугар улахан ойуур баһаарын кыайа туттахтарына, онтон 100 профессиональнай баһаарынайы уустук балаһыанньалаах Үөһээ Бүлүү улууһугар уонна саамай элбэх баһаардаах Өлүөхүмэ оройуонугар ыытыахтара.
Үөһээ Бүлүүгэ күн бүгүн 3 ойуур баһаара кыайтарбакка турар. Ордук уустук балаһыанньа Быракаан нэһилиэгэр биллэрилиннэ. Манна нэһилиэктэн 12 км тэйиччи Лаҥха сиригэр от ыйын 8 күнүгэр турбут 5 га иэннээх ойуур баһаара бүгүҥҥү күҥҥэ 1300 гектарга тэҥнэстэ. Манна 57 киһи үлэлии сылдьар. Бүгүн күнүс 12 чааска бөртөлүөт баҕа өттүнэн нэһилиэнньэттэн көмөҕө барар дьону илдьэн эрэр. Нэһилиэнньэттэн дьон көмөтө олус наада.
Эмиэ от ыйын 8 күнүгэр Кэнтик нэһилиэгиттэн 6 км тэйиччи Даркылаахха тахсыбыт ойуур баһаарын иэнэ 505 га буолла. Манна билигин 101 киһи үлэлиир. Оттон Оҥхой Хомустааҕар турбут ойуур баһаара Трудовой учаастактан 6,4 км тэйиччи турар. Бу ойуур баһаара 610 га иэннээх ойууру сиэтэ. Манна эмиэ 110 киһи үлэлиир.
Үлэһит дьон тиийбэт буолан, ханна ойуур уота намыраабыт сириттэн үлэһиттэри ордук сэрэхтээх баһаардарга быраҕаттыы олороллор. Түүннэри-күнүстэри ойуур уотун бохсууга сылдьар дьон тыын ылар кэмнэригэр солбуоһукка дьон олус наада. Өрөспүүбүлүкэттэн профессиональнай баһаарынайдар көмөлөрө кэллэҕинэ уоту кыайа тутуохтара диэн эрэл баар.
Муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыгар нэһилиэнньэни кытары өйдөтөр, быһаарар үлэни күүскэ ыыталларыгар, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар кэмигэр тутуһуллар ирдэбиллэри, хаарчахтары тоһоҕолоон сырдаталларыгар, итиэннэ баһаар буруотуттан харыстанар, сөпкө дьаһанар иһитиннэриилэри оҥороллоругар сорудахтанна.
Хамыыһыйа мунньаҕар Дьокуускайдааҕы тулалыыр айылҕаны кэтээн көрүү уонна гидрометеорология управлениета, Роспотребнадзор, экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Алдан уонна Уус-Майа улуустарын баһылыктара иһитиннэриилэри оҥордулар.
Хаҥаласка, Алдан хоту өттүгэр, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо уонна Абыйга ойуурга баһаар кутталын V — үрдүкү кылааһа, оттон Нерюнгри уонна Кэбээйи улуустарыгар IV кылаас биллэриллэн турар. От ыйын 11 күнүгэр күнүс 16.00 чаастааҕы туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 664, 9 тыһыынча га иэннээх 144 ойуур баһаара умайа турар. Онтон 81 га ордук харыстанар сир ойуурдарыгар уонна 1 ландшафтнай баһаар 12,3 тыһ. гектар иэннээх. Бу баһаардар үгүстэрэ тиэхиньикэ да, киһи да кыайан тиийбэт сирдэрэ.
Күн устата 3 ойуур баһаарын умуруордулар. Итиэннэ 2,1 тыһ. га иэннэээх 9 саҥа баһаар бэлиэтэннэ. Ойуур баһаарын умуруоруу үлэтигэр уопсайа 1838 киһи, 111 тиэхиньикэ үлэлиир. Салгынынан бэрэбиэркэҕэ Сегодня в 12 сөмөлүөт дьуһуурустубалыыр, 9 бөртөлүөт баһаары умуруоруу үлэтигэр сылдьар. Бе-200 Алдан оройуонун Кутана нэһилиэгэр үлэлээтэ.
Кристина Яковлева
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ