Үөһээ Бүлүү байыастарыгар анаммыт баһыылка хомуллан, алгыстанан, айаннаан эрэр

Үөһээ Бүлүүттэн улуус баһылыга Валерий Николаев, баһылык солбуйааччыта, дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр уолаттарбытын көрсө, билсэ, баһыылка тиксэрэ, от ыйын 21 күнүгэр командировкаланан айанныахтара.

Маныаха анаан иистэнэр сыах анаан-минээн тикпит толору маллаах алгыстаах мөһөөччүктэри бэлэмнээтэ, биирдиилээн байыастарга дьонноруттан  аадырыстаммыт баһыылкалары, тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ көмөтүнэн бэлэмнэммит малы-салы хомуйдулар, спонсордар көмөлөрүнэн тиэхиньикэ, туттар тэрил атыыластылар.

Улуус Аҕа баһылыгар уонна ыраах айанныыр баһыылкаларга алгысчыт Трофим Миронов аал уот оттон айах тутта, сыт таһааран илбистээх тылларын иҥэрдэ.


«Үөһээ Бүлүү» хаһыат