Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр киинэ саалата үлэҕэ киирдэ

Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр уонна бүтүн өрөспүүбүлүкэбит 12 оройуонугар 17 киинэ саалата үлэҕэ киирдэ.  Символическай стартовай кнопканы Ил Дархаммыт Айсен Николаев быһа эфир нөҥүө  баттаан, бу киинэ саалалара үлэлэрин саҕалаатылар. Инньэ гынан, бу үөрүүлээх быһыыга-майгыга Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторо, кэлэр кэнэҕэски ыччаттарбыт » Бүгүн — былыр » сахаалыы киинэни көрдүлэр.

Санатар буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыытыгар министиэристибэтэ Саха ӨрөспүүбүлүкэтинБырабыыталыстыбата бигэргэппит 441 №-дээх  «Култуура сайдыыта» СӨ судаарыстыбаннай бырагырааманы бигэргэтии» быһаарыллыбыт уурааҕынан, киинэ салааларын туһааннаах тэриллэринэн хааччыйыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн муниципальнай тэриллиилэр олохтоох бүддьүөттэриттэн субсидиялары көрүү уонна тарҕатыы Бэрээдэгэр олоҕуран, киинэ саалаларын 2023 сылга анал тэриллэринэн хааччыйыыга СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн субсидия ылыыга муниципальнай уорганнары талыы саҕаламмытыгар Дүллүкүсынньалаҥ киинэ кыттыыны ылбыта.

Субсидия Министиэристибэ өрөспүүбүлкэ муниципальнай тэриллиилэр киинэ саалаларын анал тэрилинэн хааччыйыыга «Култуура инфраструктуратын саҥа таһымын хаачыстыбалаахтык сайыннарыытын хааччыйыы» («Култуурунай эйгэ») олохтоох бырагыраамалары (тэрээһиннэри) олоххо киллэриигэ үөскүүр ороскуоттарын үбүлүүргэ көрүллэллэр. Маныаха, олохтоох киинэ саалаларыгар киинэлэри көрдөрүү усулуобуйатын оҥоруу, тэрили ылыы, монтажтаан уонна тиэрдэн биэрии сүрүн сорук буолар.

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше