Бүгүн хаан-уруу хаһыаппыт күн сирбитин көрбүтэ 80 сылын туолла. Манан сибээстээн, хаһыаты атас гынан аргыс  оҥостубут ааҕааччыларбытын, сонуну сыыска-буорга түһэрбэккэ сурукка тиһэр көмөлөһөөччүлэрбитин — селькордарбытын, эдэр корреспонденнарбытын, бэйэлэрин идэлэригэр эҥкилэ суох бэриниилээх эдэр-эмэн суруналыыс коллегаларбытын, бэчээт йэгэтигэр олохторун анаабыт бэтэрээннэрбитин үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибит!

Аҕа дойду саамай ыарахан кэмигэр, 1943 сыллаахха, төрүттэммит хаһыат билиҥҥэ диэри тэлэн кэлбит суола кэм-кэрдии араас устуоруйатын, улуус олоҕун бары өттүттэн сырдаппыта, сырдата да турар. Хаһыаччыт буолуу үрдүк анала — улуус устуоруйатын летопиһын суруйан үйэтитии. Маныха хас биирдии үлэһиттэн патриоттуу өйү-санааны, киһи быһыытынан үүнүүтүгэр ураты хаачыстыбалары ирдиир.

Оттон устуоруйа суруллуута биир кэм иккис кэмҥэ сибээстээҕинэн, ол да курдук, урут да, билигин да үлэлии сылдьар бэчээт эйгэтин үлэһиттэрэ биир бөдөҥ бөлөх араҥатын үөскэтэллэр. Ол бөлөх төһө бөҕөтүттэн, үлэтэ көдьүүстээҕиттэн олохпут инник сайдыытыгар оруола сүҥкэн. Ааҕааччы өйүн-санаатын биир сыалга түмүү, үчүгэйи үүннээн-тэһииннээн  үрдүктүк тутуу, итэҕэһи-быһаҕаһы саралыы тардыы элбэх толкуйтан, өй-сүрэх мөккүһүүтүттэн тахсар.

80 сыл устата барыта 10750 хаһыат нүөмэрэ бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Бу сыыппара нөҥүө көстөр — олох хаамыыта — бу биһиги, үлэлээн ааспыт уонна билигин үлэлии сылдьар хаһыаччыттар, улахан кылааппыт буолар.

Бу күҥҥэ диэри хаһыаттыын бииргэ буолбут суруксут доҕотторбутун, эрэллээх ааҕааччыларбытын, дьоһуннаах суруналыыстарбытын, үтүөкэннээх бэтэрээннэрбитин хаһыат төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээн туран, чөл санааны, чиргэл доруобуйаны, баай-талым, дэлэгэй олоҕу ис сүрэхтэн баҕарабын.

Кристина Семенова, хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше