Буолаҕын диэтэхпинэ сэмэй баҕайытык сонньуйан кэбиһээччи, “хайдаҕа буолла”, – диэн баран ыйытардыы көрөөччү. Хапсаҕай тустуу тула элбэхтик ырытыһан сэһэргэһээччибит. Уутугар-хаарыгар киирдэҕинэ урукку-хойукку тустуулар ньымаларын ааҕа этээччи, элбэххэ үөрэтээччи. Константин Мандаарап Саха сирин биир биллиилээх хапсаҕайдьыттарыттан биирдэстэрэ буолар. Кини 1951с. балаҕан ыйын бастакы күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Кырыкый нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бэрт кыра сааһыттан айылҕаттан тэтиэнэх, тилигирэс уолу биир дойдулааҕа, Саха АССР хапсаҕайга спордун маастара Николаев Игнат Алексеевич бэлиэтии көрөн эрчийэр, дьарыктыыр. Оройуон иһигэр көҥүл тустууга, хапсаҕайга ыйааһыныгар оҕолорго бастаталыыр. Оччолорго оҕолорго буойун-бөҕөс А.П. Васильев-Мордьонноохоп бирииһэ тиһигин быспакка ыытыллара, Костя Мандаарап аата бастыҥнар ахсааннарыгар иһиллэрэ. 1968 с. Саха сиригэр аан бастакынан ыытыллыбыт Манчаары спартакиадатыгар оҕолорго оройуон сүүмэрдэммит хамаандатыгар 49 кг киирэр. Бу улахан түһүлгэттэн түөрэҕэ түстэнэн, «сулуһа тыгар». “Бэрт бэрди баһыйыыта” диэн баар, ол курдук, Костя хойутун аан дойдуга биллиэхтээх, Монреаллааҕы олимпиада 52 кг үрүҥ көмүс призера буолуохтаах Александр Иванову, Иннокентий Захаровы (Уус-Алдан) кэннигэр хааллартаан, чемпион бочуоттаах аатын ылары ситиһэр.
Костя Мандаарап бу улахан түһүлгэҕэ маҥнайгы ситиһиитэ инники олоҕун арахсыспат бэлиэтинэн буолбута. Костя 1969 с. 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан, оройуон киинигэр арыллыбыт хапсаҕай оскуолатыгар Саха АССР спордун маастара Валерий Афанасьевич Бырдакаровка дьарыктана барар, силигин ситэриитэ дьэ мантан саҕаланар. Саха сирин хапсаҕайдаһан тустууга бастакы абсолютнай чемпиона В.И. Степанов-Буучугурас бирииһигэр ыйааһыныгар хаста да бастаталыыр, миэстэлэһэр. Саха сирин үрдүнэн кини аатынан бастакы күрэх 1965 с. ыытыллыбыта. Элбэх бөҕөс бу түһүлгэттэн куорсун анньыммыта.
Константин Мандаарап Манчаары Спартакиадатын түһүлгэтигэр биэс төгүл ситиһиилээхтик кыттар:
1968 сыллаахха Дькуускайга 49 кг — 1миэстэ;
1969 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥаласка 56 кг — 4 миэстэ;
1971 сыллаахха Дьокуускайга 53 кг — 3 миэстэ;
1973 сыллаахха Дьокуускайга 60 кг — 1 миэстэ;
1975 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥаласка 60 кг — 4 миэстэ.
Хапсаҕай маастара үрдүк аатын 1973 с. ылар, 1974 с. республика чемпионунан буолар.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит «Мандаараптааһын» диэн анал албастаах. Бу албаһы түһүлгэҕэ бөҕөстөр туттан ылаллар. Утары тура сылдьан эргиллэ түһээт, хаптас гынаат атахтааһын. Икки атаҕы холбуу тардыы, түргэнник оҥоруоххун наада. Сэрэҕин сүтэрбит бөҕөһү суулларар албас. Константин Мандаарап хапсаҕай түһүлгэтигэр «тура төрөөбүт киһи». Быһыылыын, туттуулуун, сылыктаан көрөрдүүн, саҥалыын-иҥэлиин, хаамардыын өрүү араас албастары толкуйдуура көрүҥэр көстөр. Айылҕаттан анабыла оннук эбит. Кини утарылаһааччытын күүһүн өһүлэр кистэлэҥ анньыһыылардаах, туора олуйуулардаах, табыйыылардаах, бириэмэтигэр тэбиилэрдээх, көтөҕүүлэрдээх. Тустар ньымата — хара ааныттан, бастакы сөкүүндэлэртэн свисток тыаһаатын кытта холорук курдук үлтү сөрөөн, өйгүн-төйгүн, сүһүөххүн булларбакка, күүстээхтик, аҥаардастыы киирээһин.
Көстөкүүн Уйбаанабыс — улахан дьиэ кэргэн аҕата, эһэтэ. Сэбиэскэй кэмҥэ биригэдьиирдээн, управляющайдаан, Маҥаас, Далыр, Кырыкый, Дүллүкү нэһилиэктэригэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар уһун кэмҥэ үлэлээбитэ, ханна да үлэлээбитин иһин хапсаҕайын тустуутунан оройуонун чиэһин үрдүк кэрдиискэ көмүскээн сылдьыбыта.
Кэлин күрэхтэһиилэри сэһэргээн ыытар айылҕаттан айдарыылаах талааннааҕа арыллан, күрэхтэһиилэргэ бөҕөстөр көхтөрүн уһугуннаран туһуннарара. Бэйэтин кэмигэр тустубут хапсаҕай маастардарыттан Егор Прокопьевы-Чөҥкөй бөҕө уолун, Валерий Федоровы-Кыайыы Махсыымы ордук тутар, сыаналыыр этэ. Биир күрэххэ эргэ Мааркыс кулуубугар Егор Прокопьевтыын тэҥ тустууну көрдөрбүттэрэ. Ол тустууга Көстөкүүн киирэн-тахсан түргэнэ бэрдэ. Көҥүл тустууга сахалартан СССР бастакы чемпиона Вячеслав Карпов Үөһээ Бүлүүлэр саамай чулуугут Егор Прокопьев диэн ахтааччы. Кэлиҥҥи бөҕөстөртөн Валерий Федоровы «көрөөччүлэр көхтөрүн көтөҕөр тустуук» диэн чорботон ааттааччы.
Көстөкүүн Мандаарап 70 кг тахсан тустарыгар доҕоро Валерий Федоровтыын үс үскэ хотуһан тэҥинэн арахсыбыттар. Уолаттар бэйэлэрин кэмнэригэр киһиттэн мээнэ охтубатах бөҕөстөр буоллахтара. Буучугурас бөҕөһү үрдүктүк сыаналыыра. “Оҕо сааспар улуу бөҕөс тустубут түһүлгэтиттэн күүс-уох ылан алгыстаммытым”, — диэн Мэйик сирин, дойдутун, дьонун-сэргэтин ытыктыыра, хапсаҕай түһүлгэтин элбэхтик ыытыспыта. Буучугурас бөҕөскө аналлаах ыһыахтарга сүргэтэ өрө көтөҕүллэн сылдьааччы.
Кэнники кэккэ сылларга улуус спордун начальнига Е.А. Николаевтыын, хапсаҕай тренера П.В. Уйгуровтыын, хапсаҕай федерацияларын председатэллэрэ С.Н. Чиряевтыын, В.С. Поскачинныын ыкса сибээстээхтик үлэлэһэн, улуус хамаандата Петр Алексеев республиканскай чемпионатыгар аҕыста, федерация кубогар сэттэтэ кыайыылаах тахсарыгар кырата суох кылаатын киллэрсибитэ умнуллубат! Кини улуус хамаандатын сүүмэрдээһиҥҥэ мындыр көрүүлээх буолара, бөҕөстөрү таба тутан сүбэлээччи, республикаҕа буолар улахан күрэхтэргэ сылдьыһааччы. Көстөкүүн барсыбыт буоллаҕына, кыайыыга эрэл күүһүрээччи.
Республикаҕа биир биллэр спортивнай комментатор. Дьэ, манна уолаттарын көрө олорон үөрэтэр, салгыы хайдах тустуохха сөбүн быһаарар. Республикаҕа билиҥҥи биллэр хапсаҕайдьыттар тустар ньымаларын билэр буолан, сүбэтэ туһалаах буолааччы. Күрэхтэһиилэри улууһун хаһыатыгар киһи көрөн олорорун курдук суруйан сырдатааччы. Кыайыы, хотторуу да түбэлтэлэрин сөпкө быһаарара. Өйдөөн, санаан ылабыт 2016 сыллааҕы сүүрбэ икки убаһа бириистээх, үрдүк тэрээһиннээх үс иилээх Бэллэкэ хапсаҕайа “Түгэхтэй” алааһыгар буолбутун. Дьон өйүттэн-санаатыттан сүппэт дириҥ өйдөбүллээх хапсаҕай түһүлгэтин. Көстөкүүн Мандаарап бу күүрээннээх, сахалыы сиэрдээх-туомнаах түһүлгэни Е.А. Николаевтыын ыыппытын туһунан сөҕүмэр өйдөбүл уос номоҕор сылдьар.
Сынньалаҥар аар тайҕатыгар бултана таҕыстаҕына илии тутуурдаах, өттүк харалаах эргиллэр, сорсуннаах сонордьут, байанайдаах булчут. Улуус мунньаҕын депутата буола сылдьар кэмнэригэр улахан боппуруостары, ол иһигэр спорт улууска сайдыытын быһаарсара, көҕүлэһэрэ. Сүрэҕин баҕатынан, сүһүөҕэ уйарынан Үөһээ Бүлүү хапсаҕайа тахсыылаахтык тустарын туһугар олоҕун анаабыта.
Ыарахан ыарыыга ыллара да сырыттар, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри хапсаҕай түһүлгэтиттэн тэйбэккэ сирдии, сүбэлии сылдьыбыта. Манчаары спартакиадатын 1968, 1973 сылларын чемпиона, республика 1974 чемпиона, Буучугурас турнирын 1975 абсолютнай чемпиона, Саха АССР хапсаҕайдаһан тустууга маастара, Үөһээ Бүлүү хапсаҕайын сирдьитэ К.И. Мандаарап хапсаҕай спорда сайдыытыгар сүҥкэннээхэй үлэтин үрдүктүк сыаналаан, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Кырыкыйга бу дьыл ахсынньы 9, 10 күннэригэр кини аатынан хапсаҕай түһүлгэтэ буолара күүтүллэр. Үөһээ Бүлүү улууһугар хапсаҕай уйатынан билиниллэр Кырыкый нэһилиэгин аҕа баһылыга, хапсаҕайдьыт С.Я. Сергеев көҕүлээһининэн, Далыр баһылыга Иванов Г.Е, Дүллүкү баһылыга Романов Н.П, Маҥаас баһылыга Илларионов Н.Г, улуус дьаһалтата, спорда, хапсаҕай федерацията сүбэлэрин холбоон, үрдүк таһымнаах хапсаҕай күрэхтэһиитэ буолуохтаах. Хапсаҕайы сэргээччилэр, сүгүрүйээччилэр, хапсаҕайдьыттар, Кырыкыйга хапсаҕай улахан түһүлгэтэ эһигини күүтэр!
Владимир Федоров, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ