Үөһээ Бүлүү – ийэ тыл биһигэ, төрүт тыл түөлбэтэ

— диэн оскуолабыт библиотекатын бырайыагын чэрчитинэн, ыаллыы сытар Хомустаах оскуолатыгар сылдьан кэллибит.  Айаммыт сыала – талааннаах суруйааччы Николай Алексеевич Габышев музейыгар сылдьан кини олоҕун, айар үлэтин туһунан элбэҕи билии. Автобуһунан айаннаан иһэн Николай Алексеевич  “Чоҕунуур” диэн төрөөбүт алааһын, олорбут дьиэтин ыраахтан көрдүбүт. Хаар халыҥ буолан тиийбэтэхпит, мин хаартыскаҕа түһэрбитим. Оскуолабыт библиотекара Анна Леонидовна Васильева, кылааспыт  салайааччыта Наталья Матвеевна биһигини салайан илдьэ сырыттылар.

Хомустаахха Николай Габышев аатынан сүрүн оскуолаҕа тиийбиппит. Аҕыйах сыллааҕыта үлэҕэ киирбит сып-сырдык, ып-ыраас дьиэҕэ үлэһиттэр биһигини үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, оскуолаларын көрдөрбүттэрэ. Музей үлэһитэ Галина Николаевна Васильева суруйааччы интэриэһинэй олоҕун,  үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии кэпсээбитэ. Кини Николай Алексеевич Габышев сахалыы бастакы суругу-бичиги, “Ахтыылары”, суруйбут Афанасий Яковлевич Уваровскай олоҕун чинчийэн, үөрэтэн саха дьонугар, киэҥ эйгэҕэ биллэрбит уһулуччу үтүөлээх киһи буоларын туһунан кэпсээн саҕалаабыта.

Галина Николаевна суруйааччы удьуордарын туһунан маннык кэпсээтэ:

— Николай Габышев эһэтэ Дмитриев Спиридон Дмитриевич – Бээй Баай диэн этэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар кулубанан үлэлээбитэ. Кини кулубалыырын саҕана манна Хомустаахха “Торой” диэн биэрэккэ куораттан борохуот кэлэн тохтуур, ас-таҥас аҕалар эбит. Онон Сургуулуктан, Маҥаастан Торойго атыылаһа кэлэллэрэ. Ол бириэмэҕэ элбэх дьон тоҕуоруһар сиригэр оһуохайдьыттар эмиэ мусталлар эбит. Онтон сайдан Хомустаахха оһуохайдьыт элбэх этэ. Спиридон Дмитриевич икки оҕолоох эбит: кыыһа Мария Спиридоновна, кэлин  Ньурбаҕа ыал буолан Попова диэн араспаанньаламмыта, оттон Алексей Спиридонович хаартыската отой суох, ол аата Николай уонна Александр Алексеевичтар аҕаларын хаартыската суох. Тоҕо диэтэххэ, кини оччотооҕу кэм дьаһалынан кулаактааһыҥҥа түбэспит, онон биллэ-көстө сатаабатах, дьиэ кэргэнин харыстаабыт. Алексей Спиридонович Габышева Мария Александровна диэн Ньурбаттан төрүттээх кыыһы кэргэн ылбыта, икки оҕоломмуттара. Кулаактааһынтан сылтаан Алексей Спиридонович кэргэнин, оҕолорун дьон тэйиппэтин, “кулаак оҕолоро” диэн сирэй-харах анньыбатыннар диэн уонна үөрэттэрээри кэргэниттэн арахсыбыт, Ньурбаҕа ыыталаабыт. Аҕаларыттан арахсалларыгар  Николай 6, Александр 4 саастаах эбиттэр.

Николай 6 сааһыттан үөрэнэн сэттэ кылааһы Бүлүүгэ бүтэрбит. Онтон Дьокуускайга 2-с №-дээх оскуолаҕа баран үөрэммит. 40-с сылларга студенныыр, куоракка олорон суруйа сатыыр, саҥа суруйан эрэр ыччаты кытта литературнай  түмсүүгэ сылдьыбыт. Пединституту бутэрэн баран ыраах хоту Аллайыаха оройуонугар Чокуурдаах нэһилиэгэр учууталлаабыт. Онно тиийэн син биир суруйарын тохтоппотох, сахалыы үчүгэйдик саҥарар, нуучча тылын олус үчүгэйдик билэр эбит, киэҥ билиилээх-көрүүлээх учуутал буолбут.

Аллайыахаҕа учууталлыы сылдьан суруйааччылары кытта куруук билсэ турар эбит. Николай Алексеевиһы  Дьокуускайга суруйааччылар сойуустарыгар үөрэх салаатын салайааччытынан, онтон кэлин Үөрэх министиэристибэтигэр ыҥыран ылаллар, онтон устунан учебниктары таһаарар отделга редакторынан анаан кэбиһэллэр. Онно саха литературатын учебниктарын таһаарыыга үлэлээбит.   Учебниктар биһирэнэн, оскуолаҕа туттуллан барбыттар.

Мантан салгыы Галина Николаевна Николай Габышев айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммытын, саха литературатыгар киэҥ хоннохтоох кэпсээнньит, улахан талааннаах прозаик быһыытынан ааҕааччы биһирэбилин ылбытын туһунан кэпсээтэ. 300–чэкэ суруйбут кэпсээннэрэ кинигэ буолан тахсыбыттар.

Кэлин кэргэнин дойдутугар Тулагыга, онтон Кэбээйигэ учууталынан үлэлээбитин кэпсээтэ. Николай Габышев телевидениеҕа уонна радиоҕа ситиһиилээхтик үлэлээбит, онтон 1963 сыллаахха редакторынан анаммыт. 1965 сыллаахха Москваҕа РСФСР суруйааччыларыгар иккис съеһигэр сылдьыбыт. 1973 сыллаахха Москваҕа литературнай кууруска үөрэммит, онтон устунан 1974-75 сылларга кинини саха салаатыгар старшай преподователинан анаабыттар. Дьокуускайга кэлэн “Хотугу сулус” сурунаалга проза отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.

1976 с. саха суруйааччыларын кытта Дүллүкүгэ кэлэр, онтон Хомустаахха Чоҕунуурга сылдьар, аймахтарын Ильиннэри көрсөн барбыт. Музейга Николай Алексеевич олоҕун кэрчиктэриттэн сэһэргиир элбэх хаартыскалар бааллар. Ол курдук Улуу Октябрь 60 сылыгар  саха суруйааччыларын кытта Монголияҕа баран кэлбит хаартыскаларын көрдүбүт.

Николай Габышев саха суруйааччыларын айымныларын нууччалыы тылбаастаан киэҥ Россияҕа таһаарбыт талааннаах киһинэн буолар. Москваҕа, Ленинградка, Казахстаҥҥа, Башкирияҕа, Туваҕа уонна Улан–Удэҕэ буолбут литература уонна искусство күннэригэр саха суруйааччылара кыттыыны ылбыттара. Онно суруйааччыларбыт элбэххэ үөрэнэн кэлбиттэрэ уонна киэҥ Сэбиэскэй Сойуус айар үлэһиттэрин сорҕото буолалларын билбиттэрэ. Маннык улахан үлэни ыыппыт эбит биһиги биир дойдулаахпыт, суруйааччы Николай Габышев. Кини эдэр суруйааччыларга үтүө сүбэһит, айар үлэҕэ тулуур, дьулуур наадатын туһунан мэлдьи этэр эбит. 1983 с. доруобуйатын туругунан үлэтиттэн уурайбыт. Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, А.Я.Уваровскай аатынан бириэмийэ лауреата буолбута.

1993 с. муус устар ыйга  Дьокуускайтан суруйааччы Степан Дадаскинов Николай Габышев бюһун оҥорторон илдьэ кэлбитин оччотооҕу “Дүллүкү” совхоз директора Николай Захарович Дмитриев уонна олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Алексеевич Санников Хомустаахха оскуолаҕа аҕалан туттарбыттар.

1997 сылтан Николай Алексеевич Габышевка аналлаах музейы начаалынай оскуолаҕа дириэктэринэн үлэлээбит Галина Николаевна Васильева  тэрийэн саҕалаабыт уонна бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үлэлэтэ сылдьар, суруйааччыга аналлаах баай матырыйаалы түмпүт.

Биһиги айаммыт табыллан,  урут билбэтэхпитин элбэҕи, сонуну көрөн-истэн астынан  кэллибит. Аны салгыы норуодунай суруйааччыларбыт төрөөбүт сирдэринэн Намҥа, Тамалакааҥҥа, Харбалаахха уонна Боотулууга айанныахпыт диэн эрэллээхпит.

Александра  Иванова, 7 кылаас, Дүллүкү орто оскуолата, “Эрчим” корпост 

Читайте дальше