Үөһээ Бүлүү оройуонун төрөөбүт күнүнэн — оройуон төрүттэммитэ 89 сылынан!

Үтүө күнүнэн, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Бука барыгытын Үөһээ Бүлүү оройуонун төрөөбүт күнүнэн — оройуон төрүттэммитэ 89 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
16 нэһилиэктээх Үөһээ Бүлүү оройуона 1935 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Бүлүүттэн арахсан, туспа оройуон буолбута. Нэһилиэнньэбит ахсаана 14850 киһи этэ. О.и. сахата — 14705, нууччата — 82, кэриэйэ — 43, кытайа — 18.
Оройуон ирээтигэр: ынах сүөһү — 27201 төбө, сылгы — 10902, таба — 885, сибиинньэ – 86; 27477 га ходуһа, 3148,7 га бааһына – тиксибитэ.
2024 сыл тохсунньу ый 1 күнүнээҕи туругунан Үөһээ Бүлүү улууһун 21 муниципальнай тэриллиитигэр 20889 киhи олорор. 9619 төбө ынах сүөһү, о.и. ыанар ынаҕа 3935, 8364 сылгы, 276 сибиинньэ, 1001 көтөр баар.
1935 с. Бүтүн Сойуустааҕы Коммунистическай (бассабыык) баартыйа Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуоннааҕы кэмитиэтин 1 сэкирэтээринэн Гаврил Герасимович Перевалов, иккис сэкирэтээринэн Степан Васильевич Данилов, сэкирэтээринэн Алексей Михайлович Сергеев талыллыбыттар. Сэрии сылларыгар оройуону Алексей Михайлович Сергеев, Афанасий Андреевич Софронов, Матрена Влалимировна Бельчусова салайбыттар.
Сэбиэскэй былаас муҥутаан сайдан турар кэмигэр тыа сирин социальнай-экономическай сайдыытын төрүтэ ууруллубута, материальнай-техническэй базата бөҕөргөөбүтэ. 60-70-с сылларга “Якутсельстрой” тутар управлениетын Үөһээ Бүлүүтээҕи мехколонната, колхозтар-совхозтар икки ардыларынааҕы тутар холбоһук уонна “Холбос” тутар управлениетын прорабскай учаастага – бу 3 улахан тутуу тэрилтэлэрэ Үөһээ Бүлүү сүрүн киэбин-киэлитин төрүттээбиттэрэ. Нэһилиэктэргэ 320-лии миэстэлээх оскуолалар, 200-түү миэстэлээх кулууптар, киэҥ-куоҥ маҕаһыыннар, оройуон киинигэр 2-лии этээстээх олорор дьиэлэр, Бэрэ, Боруу көлүйэ, Авиапорт түөлбэлэрэ тутуллубуттара. Урукку көлүөнэ сөҕүмэр үлэтэ-хамнаһа, дьону-сэргэни ситиһиилээх үлэҕэ түмэр дьоҕура биһиэхэ үтүө холобур буолар. Оройуоҥҥа кэскиллээх тутууну иилээбит-саҕалаабыт сүдү салайааччыларбыт Филипп Иванович Корякин уонна Марк Трофимович .Егоров албан ааттара үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа.
Биһиги улууска ыччаты өбүгэ үгэстэрин утумнаан иитии, төрүт култуураны харах харатын курдук харыстааһын, ытык укулааты тутуһуу өрө тутуллар. Үөһээ Бүлүү бастыҥ баайа-дуола, киэн туттуута — ураты дьоҕурдаах, талба талааннаах дьоно-сэргэтэ.
Саха норуотун быраабын уонна көҥүлүн иһин охсуспут Марфа Георгиевна Потапова-Габышева, уһулуччулаах саха судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэллэрэ Исидор Никифорович Барахов, Руф Иванович Кардашевскай, Дмитрий Иванович Донской, Гаврил Иосифович Чиряев, Юрий Николаевич Прокопьев, Степан Николаевич Платонов, Николай Васильевич Егоров о.д.а. ааттарынан оройуон киэн туттар.
Киэн туттабыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Алексей Афанасьевич Миронов; Социалистическай Үлэ Дьоруойдара Степан Иннокентьевич Васильев, Афанасий Николаевич Саввинов, «Ленин» уордьанын хабалыардара – «Чолбон» холкуос бэрэссэдээтэлэ Алексей Семенович Егоров, механизатор Спиридон Степанович Павлов, ыанньыксыт Христина Михайловна Антонова; ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев, РФ норуодунай учуутала Виктор Филиппович Потапов, СӨ норуодунай учуутала Василий Софронович Долгунов; саха норуодунай суруйааччылара Николай Гаврильевич Золотарев-Якутскай, Петр Николаевич Тобуроков, Семен Титович Руфов, Василий Тарасович Сивцев; ССРС, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстара Анегина Егоровна Ильина, Зоя Петровна Багынанова, Мария Евсеевна Николаева, Валентина Пантелеймоновна Николаева; норуодунай худуоһунньук Николай Дапнилович Амыдаев, скульптор, Россия үтүөлээх худуоһунньуга, ПА.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, А.И.Софронов-Алампа аатынан уопсастыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара Семен Кириллович Прокопьев; Россия, аан дойду таһымнаах спортменнарбыт Сардаана Трофимова, Айаал Лазарев, Наталья Черноградская, Яна Захарова, Александр Дмитриев, Пелагея Григорьева, Эрчим Баппаҕай, Ванесса Морфунова, Тимур Николаев; олоҥхоһут, алгысчыт Кирилл Никифоров, ырыаһыттар Анна Дмитриева-Иванова, Вилена Ларионова, режиссердар Руслан Тараховскай, Любовь Борисова, од.а. үгүс элбэх килбиэннээх ааттарынан!
Үөһээ Бүлүү өҥ буоруттан силис-мутук тардан, күн бүгүн киэҥник биллэр судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэр, бөдөҥ суруйааччылар, учуонайдар, талааннарынан аан дойдуну сөхтөрөр култуура, ускуустуба маастардара, күлүмэх күүстээх спортсменнар үөскээн-төрөөн, үлэлээн-хамсаан, үрдүк аартыгы дабайан, төрөөбүт Үөһээ Бүлүүлэрин үтүө аатын аар саарга аатырдыбыттара, кэлэр кэскил туһугар бары күүстэрин ууран, айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бу сыллар усталарыгар оройуоммут олох, кэм-кэрдии араас уларыйыыларын этэҥҥэ туораан, бигэ социальнай-экономическай туруктаах, интеллектуальнай баайдаах, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр улуус буола сайынна. Баараҕай таас тутуулар, кытаанах бүрүөһүннээх суоллар, Чыбыыда, Түүкээн күргэлэрэ, Бүлүү эбэ кытылын бөҕөргөтүү, газ оттук, киин ититэр ситимҥэ холбонуу, ыраас уу ситимэ, толору хааччыллыылаах дьиэ-уот, суотабай сибээс, интернет, IT, сынньанар искибиэрдэр, пааркалар — дьон олоҕун-дьаһаҕын туруга күннэтэ биллэ тупсубутун туоһута. Өтөҕүттэн өнүйбэтэх, тиэргэниттэн тэйбэтэх, самнайбыт балаҕаннаах саха буолан бүтэн, аны куораттыы олох тускулун тутуһан, өй күүһүн өрө тутан, үүнэн-сайдан, аныгы тиэхиньикэни баһылаан, бырамыысыланнаска сыстан, уйгулаах олоххо дьулуһабыт.
Улууспут чэлгийэ сайдыыта хас биирдиибититтэн тутулуктаах – ол барыбыт күннэтэ сыралаах үлэбит, түмсүүбүт, оҕону-ыччаты төрөөбүт алааһын, төрүт өбүгэтин ытыктыырга, патриотизм тыыныгар иитиибит түмүгэ буолар.
2023 сыл Россияҕа педагог уонна настаабынньык, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар Бараахап сылларын чэрчитинэн бэрт сэргэхтик ааста. Биир дойдулаахтарбыт уһулуччулаах политическай-судаарыстыбаннай диэйэтэл, Саха АССР Совнаркомун бастакы бэрэссэдээтэлэ, учуонай-экэнэмиис, баара-суоҕа 24 саастааҕар Саха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин туруулаһан тэрийсибит И.Н. Барахов төрөөбүтэ 125, норуодунай суруйааччы Ньукулай Дьокуускай 115, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүүтээҕи И.Н. Барахов аатынан орто оскуола дириэктэрэ Д.С. Спиридонов 100, СӨ бастакы норуодунай учуутала, педагогическай билим дуоктара В.С. Долгунов 90 үбүлүөйдээх саастара киэҥник бэлиэтэннэ.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмө тиһигин быспакка оҥоһулла турар, бу дьайыы түргэнник кыайыынан түмүктэнэригэр бары күүстээх баҕа санаабыт туоллар ханнык!
Иннибитигэр аны сайын Аммаҕа ыһыллар XVII-c өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар; Дьокуускай куоракка „Азия оҕолоро-2024“ VIII-с норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга; 2025 с. Тааттаҕа буолуохтаах XXII-c „Манчаары Оонньуулара” спорт национальнай көрүҥнэригэр спартакиадаҕа билиҥҥэттэн бэлэмнэнии, ситиһиилээхтик кыттыы уталытыллыбат соруктара тураллар.
Күндү дьоммут-сэргэбит! Бу дьыл кулун тутар 15 — 17 күннэригэр дойдубут олоҕор ураты суолталаах, модун Россия Бэрэсидьиэнин ахсыс быыбара биһигиттэн өссө биир күүстээх тургутууну эрэйэр.
2024 сыл Российскай Федерацияҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас сылларынан биллэрилиннэ.
Оттон биһиги төрөөбүт улууспут салгыы сайдыытыгар торумнаммыт үлэ-хамнас үрдэллэрин ситиһэргэ тирэх быһыытынан Түмсүү сылын биллэрэбит.
Тапталлаах дойдубут Үөһээ Бүлүү, самныбат саргылан, кэхтибэт кэскиллэн, охтубат оҥоһуулан! Туругура-тупса тур! Онно ананар барыбыт сырдык санаабыт, күүрээннээх үлэбит, күннэтэ дьарыкпыт.
Түмсүү – ситиһии төрдө!

“Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга В.В.Николаев

Читайте дальше