Бэс ыйын 5 күнүгэр күнүс 14 чааска Өргүөт нэһилиэгиттэн 68 км тэйиччи сиргэ ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэммитэ. Баһаар булбут кэмнэригэр номнуо 5 га иэннээх сиргэ тарҕаммыт этэ. Ойуур уотун умуруорууга Сунтаар улууһун салгын отделениетын 6 парашютиһа көмөҕө кэлбиттэрэ, ону тэҥэ Үөһээ Бүлүүтээҕи салгын отделениетын 18 десантнигын бөртөлүөтүнэн тириэрдибиттэрэ. Онтон киэһэ 18 чаас кэннэ Үөһээ Бүлүүттэн өссө эбии 6 парашютист тиийбитэ.
«Бүгүн олус тыаллаах күн буолан, бэҕэһээ тахсыбыт ойуур баһаара кыайтарбакка сылдьар. Номнуо 50 га-ҕа тиийдэ, онтон 40 гектара ойуур сир, 10-на ойуура суох. Бэҕэһээ киэһэ 23 чааска ойуур баһаарыгар өссө эбии 9 үлэһит тахсыбыта. Билигин уопсайа 39 киһи үлэлии сылдьар. Бүгүн ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ бөртөлүөтүнэн көттүлэр» — диэн ойуур хаһаайыстыбатын лесничейэ Павел Тимофеев иһитиннэрдэ.
Бүгүн эмиэ Өргүөт нэһилиэгин Муоҕан диэн сиригэр ойуур баһаара таҕыста. Ньурбаттан бөртөлүөтүнэн көмөҕө дьон кэллэ. Бөртөлүөт Бүлүү куоратыттан ойуур үлэһиттэрин уонна Өргүөт олохтоохторун уот турбут сиригэр быраҕаттыаҕа. Өргүөттэр ойуур баһаарын умуруорар үлэҕэ тахсардыы хомунан бэлэм олороллор. Уот быһа барыллаан, этиҥтэн тахсыбыт диэн сабаҕаланар.
Манан сибээстээн бүгүн улуус баһылыга Валерий Николаев улууска баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимин биллэрэр туһунан дьаһалга илии баттаата. Бүгүҥҥү күнтэн саҕалаан, бу кытаанах эрэсиим көтүрүллүөр диэри ойуурга тахсар кытаанахтык бобуллар. улуус сүрүн баһаарынай надзора Андрей Александров салайыытынан Ойуурга тахсыыны рейдэлээн бэрэбиэркэлииир буолуохтара.
Улуус олохтоохторо, ойуурга тахсартан туттунуҥ. Бу эрэсиим биллэриллэн турар кэмигэр кураанах оту, бөҕү-сыыһы дьиэ таһыгар да, тиэргэн таһыгар да уматар, ону тэҥэ ойуурга тахсан уот оттор, түптэлиир кытаанахтык бобуллар.
Эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, күөх чээлэй айылҕабытын харыстаһарга көх-нэм буолуохха!