Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардарын умулларыыга 427 киһи, олор истэригэр 293 олохтоох дьон үлэлэһэр. Бу туһунан Үөһээ Бүлүү оройуонун баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрдэ.

Биһиги улууспутугар 7 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 4400 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 179 киһи, 19 техника үлэлиир. 12 км уһуннаах минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 49 киһи , ону тэҥэ 9 УАЗ массыына уонна 1 вездеход үлэлиир. Ойуур баһаара төгүрүллэн , минерализованнай балаһалары оҥоруу уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 904 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Уоту манааһыҥҥа уопсайа 105 киһи, ону тэҥэ 8 техника үлэлиир. Ойуур баһаара төгүрүллэн, манааһын үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыга «Муҥур күөл» диэн сиргэ 160 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 55 киһи, 1 вездеход, 1 Егерь үлэлиир. 8 км уһуннаах минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын үлэтэ барар турар.

Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ бу күннэргэ ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Бүгүҥҥү туругунан ойуур баһаара 850 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 85 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 17 киһи, 1 трактор Т-150 үлэлиир.

От ыйын 16 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин Ньыканы үрэҕэр 5 га иэннээх саҥа ойуур баһаара бэлиэтэммит.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат.

Хаартыскалар  Үөһээ Бүлүү баһылыгын телеграм-каналыттан

Читайте дальше