Бу туһунан улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи үлэни торумнуур мунньахха полиция сотруднига, старшай участковай Максим КОКОРИНОВ иһитиннэрдэ. Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар үс бэлэсэпиэт уоруллубутун туһунан иһитиннэрии киирбит. Ордук сайыҥҥы кэмҥэ бэлэсэпиэти, мотоциклы уоруу түгэннэрэ тахсаллар диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи полиция отделын начальнига, подполковник Вячеслав Андреев эрдэ эмиэ этэн турар.
Биир үксүн дьалаҕай быһыыттан маннык түгэн тахсар. Оҕолор бэлэсэпиэттэрин ханна тохтообут сирдэригэр хаалларан баран сылдьаллар. Холобур, өрүскэ сөтүөлүү киирэр оҕолор биэрэк кытыытыгар хааллараллар. Хас биирдии бэлэсэпиэттээх киһи анал күлүүс атыылаһан, хатыы сылдьыан наада. Бэлэсэпиэт күлүүстэрэ маҕаһыыҥҥа атыыга үгүс. Бэйэ бэлэсэпиэтигэр саппаас чаас оҥостоору, эбэтэр аара баран иһэн атах тардыстаары, эбэтэр оҕолор дьээбэлэнэн да тэбэн барар түгэннэрэ баар буолаллар. Хас биирдии техникалаах киһи кылгас да кэмҥэ техникатын көрүүтэ-истиитэ суох хаалларыа суохтаах, эппиэтинэстээх буолуохтаах. Төрөппүттэр оҕолоругар бас билэр малларын сөптөөхтүк дьаһанан, көрө-истэ сылдьалларын курдук өйдөтүү үлэтин ыытыахтаахтар.