Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр ааспыт өрөбүллэргэ Дмитрий Никаноров сырдык кэриэһигэр анаммыт «А» категориялаах мас тардыһыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи турнира буолан ааста. Икки сылга биирдэ ыытыллар күрэхтэһиигэ уопсайа Саха сирин 111 мадьынытын уонна 20 хамаандатын түмэ тарта.
Манна ааттаах-суоллаах спортсменнар, мас тардыһыытын маастардара кыттан күрэх таһымын икки бүк үрдэттилэр. Ол курдук, мэтээл иһин араас кэмнэргэ аан дойду чөмпүйүөнэ буолбут 5 мадьыны, итиэннэ Саха сирин уонна Россия чөмпүйүөннэрэ, призердара кииристилэр.
Оттон Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан 65 кг ыйааһыҥҥа бастакы миэстэни Ариан Григорьев эрэллээхтик ылла. Ону тэҥэ Дьулус Деллохов 80 кг ыйааһыҥҥа үһүс бириистээх миэстэни ылары ситистэ.
Улууспут аатын ааттата сылдьар мадьыныларбытыгар кыайыыларынан төлөннөөх эҕэрдэ буолуохтун!
Кристина Яковлева