Үөһээ Бүлүүттэн Казахстаҥҥа

Биир дойдулааҕым Инна, Соҕуруу Казахстан киинигэр, Туркестан куоракка үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ сылдьарын истэммин олус үөрдүм. Саха кыыһа Казахстаҥҥа хайдах үөрэнэ сылдьар эбитий?

Хаартысканы Инна Герасимова тиксэрдэ

— Инна, бэйэн тускунан уонна билигин ханна туох идэтигэр үөрэнэ сылдьаргын кэпсээ.

— Үтүө күнүнэн, мин аатым — Герасимова Инна. Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Билигин Соҕуруу Казахстан религиознэй Туркестан куоратыгар үөрэнэбин. Үөрэнэр үнүбүрсүөтүм аата «Международный Казахско — Турецкий университет имени Ходжа Ахмета Ясави». Туризм диэн хайысхаҕа босхо үөрэнэр быраапка туттарсан киирбитим.

— Хаһааҥҥыттан тас дойдуга тахсан үөрэнэр туһунан толкуйдаабыккыный уонна хантан истэн туттарсарга санаммыккыный?

— Мин кыра эрдэхпиттэн атын дойдулары сылдьан кэрийиэхпин олус баҕарар этим. Тоҥоруллубут муора аһылыгын эҥин атыылаһан, тас омук дойдутун амтанын билбит курдук сананарым(күлэр). Улаатан истэҕим аайы тас дойдуга барыахпын баҕарар күүһүм тэңңэ улаатан испитэ. Улахан Европа куораттарын көрө да барбат этим, дьонум үбүн харыһыйарым уонна бэйэм күүспүнэн туттарсан киирэр кыахпар эрэнэрим, ис сүрэхпиттэн баҕарарым. Ол курдук, мин хараҕым, баҕа санаам Казахстаңңа хатаммыта. 9 кылаастан МКТУ-га туттарсыахпын баҕарбытым. Үөһээ Бүлүү Кэнтигин кыыһа онно үөрэнэ сылдьарын истэн олус үөрбүтүм, кинини кытары кэпсэтэн, кини сүбэлэрин истэн бу баҕалаах үнүбүрсүөппэр үөрэнэ-сайда сылдьабын.

— Үөрэнэр дойдуну талыы хаамыыта хайдах ааспытай уонна үөрэнэ сылдьар үнүбүрсүөккүттэн ураты өссө ханнык санаалар бааллар этэй?

— Бастатан туран Казахстан валютата — тенге, ол эбэтэр мин дьоммуттан төһө кыалларынан аҕыйах харчыны көмө ылар толкуйдаах этим. Казахтар саха курдук дьүһүннээхтэр, онон миигин онно ким даҕаны  туора көрүө суоҕа диэн сабаҕалаабытым. Биллэн турар, казах омук ыалдьытымсаҕынан Аан дойдуга аатырар. Мин 11 кылаас кэннэ ХИФУ-га туттарсан киирбитим, онно сыл аңара үөрэммитим, сессиябын туйгуннук сабан баран уурайга санаммытым. Миэнэ буолбатах эбит диэн өйдөөбүтүм уонна ол күһүн Казахстаңңа туттарсан киирбитим.

— Тиийэн бара туох ыарахаттары көрүстүҥ? Тылы эрдэттэн билэр этиҥ дуу эбэтэр тиийэн баран үөрэппитиҥ?

— Дьиэм аанын сабаат, харах уутунан сууммуппун өйдүүбүн. Саамай ыарахан түгэн — дьоңңуттан арахсыы, саңа климат… Аны астара даҕаны олус ураты, атын тыл, туспа эйгэ. Үйэбэр биирдэ даҕаны сөмөлүөтүнэн көппөтөх буоламмын долгуйбутум. Ыал кыра атаах оҕото буолан эрэйдэммитим. Казах да туурак да тылын билбэт этим. Мин нууччалыы үөрэнэбин дии санаан барбытым, онтукам сыыспыт эбиппин. Бастатан туран бу үнүбүрсүтүөккэ грант (бюджет) миэстэтин ыларга казах уонна туурак тылын төһө көҥүллүк баһылыыргын көрөллөр. Тылы ый кэриҥинэн өйдүүр буолбутум, түүр тыллаах буоламмын өйдүүр этим. Грамматикабыт эҥин тэң соҕус уонна майгыннаһар тыллар эмиэ бааллар. Билигин мин биэс тылы билэбин: сахалыы, нууччалыы, английскайдыы, турецкайдыы уонна казахскайдыы.

Хаартысканы Инна Герасимова тиксэрдэ

— Иллэҥ кэмҥэр үөрэхтэн ураты тугунан дьарыктанаҕын?

— Иллэң кэммэр ордук кыракый айаннарга турунарбын сөбүлүүбүн. Ол курдук Узбекистаңңа, Киргизияға сылдьыбытым уонна Казахстан улахан куораттарынан сылдьарбын сөбүлүүбүн, дьону кытары билсиһэбин. Хаартыскаға түһэрэллэр, видео5а усталлар, казахскайдыы саңарарбын истэн олус үөрэллэр. Ону таһынан нумерологиянан дьарыктанабын. Ардыгар залга сылдьабын уонна онтон устудьуон оҕо буоларым быһыытынан доҕотторбунаан бириэмэ атаарабын.

— Үөрэххин бүтэрэн баран тугунан дьарыктанар былааннааххын, Казахстаҥҥа хаалаҕыҥ дуо?

— Үөрэхпин бүтэриэм билигин дағаны толору 2 сыл баар, ол кэннэ туризм хайысхатыгар үлэлиир — сайдар сыаллаахпын, сыалбын туруорбутум ол эрэн оңордохпуна көрдөрүөм. Ханна олохсуйарбын билбэппин, бириэмэ көрдөрөн иһиэ…

— Инна, бүгүҥҥү кэпсэтииҥ иһин барҕа махтал! Үөрэххэр уонна тус олоххор ситиһиилэри баҕарабын. Аартыгын суола арылла турдун, толкуйдаабытын тобуллан истин. Бу курдук Саха буолан сандаара сырыт!

Камила Михайлова

Читайте дальше