Ахсынньы аам-даам тоһуттар тымныытыгар, күн сири көрүүтэ саамай кылгыыр кэмигэр, улаханнык убаастыыр, ытыктыыр киһибитин Кирилл Никонович Никифоровы 85 сааскын туолар үбүлүөйдээх үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин!
Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар 15 союзнай республика ыһыллан, коммунистическай партия үлэтин тохтотон, тэрилтэлэр сабылланнар, совхозтар ыһыллар кэмнэригэр Россия, Саха сирин үрдүнэн үлэ суох буолуутуттан аччыктааһын, хоргуйуу саҕаламмытыгар, дьон өйө-санаата тумарык буолбут кэмигэр, ыччаттар аһыы утаҕы батыһан, күргүөмүнэн сылдьан харчы умналаан арыгылыыр кэмнэригэр Саха сиригэр бастакынан Арчы дьиэтин кимтэн да көмөтө суох (оччотооҕу улуус салалтатыттан) туттарбытыҥ. Эгэ, күннээҕи килиэптэрин харчытын кыайан булбат дьоннор көмөлөһүөхтэрэ дуо?! Аҕыс муннуктаах Арчы дьиэтин баҕаналарын улахан өһүөлэрин араас дьэрэкээн, хатыламмат оһуорун хаһан оҥорон, киэргэтэн, соҕотох санныгар сүгэн-көтөҕөн туппута…
Бу Арчы дьиэтигэр сылдьаллара: өйдөрө-санаалара тууйуллубут дьон, олоххо миэстэлэрин булбатах, арыгыттан арахсар санаалаахтар, оҕолор учууталларын кытта кэлэллэрэ. Көмө көрдөөн кэлбит дьону Кирилл Никонович уот оттон, арыылаах алаадьынан, үрүҥ сиэлинэн аал уотун аһатан, көрдөһөн, алгыс алҕаан атаарара. Сылдьыбыт дьон астынан, санаалара көтөҕүллэн, көнөр суолга үктэнэр баҕалаах итэҕэйэн-эрэнэн бараллара буолуо диэн саныыбын. Оннооҕор оскуола оҕолоро бараннар үөрэхтэригэр кыһаллар, уруоктарыгар болҕомтолоох буолбуттарын, оттомурбуттарын үөрэтэр учууталларыттан истибиттээхпин.
Олорор “Кэлтэгэй” түөлбэҥ ыалларын ыҥыран саха мааны астарын: эмис сылгы ойоҕоһун кырбаан, отонноох күөрчэх тоҥорон, сырылаччы буспут итии алаадьы оҥорон, баай-талым остуолу тардан үстэ ыҥыран чэйдэппитиҥ, арчылаабытыҥ, ыраастаабытыҥ, кыһалҕалаахтары кытта кэпсэтэн, этэҥҥэ буоларбар уоскуппутуҥ. Түөлбэҥ ыалларын кыһалҕаларыгар өрүү көмөлөһө сатыыргын өйдүүбүт, махтанабыт.
УБААСТАБЫЛЛААХ КИРИЛЛ НИКОНОВИЧ, ӨРҮТТЭҤҤИН, АЙБЫТ АҔАҤ — УЛУУ КИҺИ, ЫТЫК КЫРДЬАҔАС, НОМОХХО КИИРБИТ НОРУОТ ЭМЧИТЭ — НЬЫЫКАН ОЙУУН СААҺЫГАР ТИИЙ ДИЭН СЭМЭЙДИК АЛҔЫЫБЫН
Мария Федотова, “Кэлтэгэй” түөлбэ олохтооҕо.