Алтынньы ый 31 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр, саха норуодунай суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ Н.Якутскай төрөөбүтэ 115 уонна Харбалаах нэһилиэгэ төрүттэммитэ115 сыларыгар анаммыт, И.Н.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин сэбиэдиссэйэ Светлана Даниловна Копыленко кинигэтин биһирэмэ буолла. Үөһээ Бүлүү, Тамалакаан, Нам, Ороһу нэһилиэктэриттэн ыҥырыылаах ыалдьыттар, олохтоохтор кыттыыны ыллылар. Кинигэ аата “Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, дойду сурахтаах”. Аны тас ойуутун көрдөххө: киэҥ нэлэмэн сыһыылаах, дьон олорбутун туоһута дьиэлэр, ампаардар, тутуулар көстөллөр. Алаас барахсан саха киһитигэр үтүө өйдөбүл буоллаҕа. Хас биирдии киһиэхэ чугас, истиҥ. Сылгы мэччийэ сылдьара көстөр. Ол аата бу сир иччитэхсийбэтэх, хаһаайыннаах.
Сып-сырдык, чаҕылхай күннээх, саһарымтыйан эрэр күөх оттоох хонуу, тыа. Киһи эрэ таптыах, манньыйыах, сылананьыйыах курдук.
Кинигэ таһын ис өттүгэр каарта, элбэх да өтөх, сир, үрэх, күөл уруһуйдаммыта киирбит.. Бу уруһуй Н.Якутскай аатынан Харбалаахтааҕы түмэл архыыбыттан ылыллыбыт. Уруһуйу элбэх оҕону үөрэппит учуутал, хоһоонньут Анисим Васильевич Миронов оҥорбут. Кини уруһуйун Харбалаах нэһилиэгин сирдэрин барыллааһын схемата (быһа холоон) диэн быһаарбыт. Кэскиллээҕи санаан, ырытан, ырыҥалаан оҥорбута сөхтөрөр. Үтүө да киһи олорон ааспыт диэн санааҕа кэлэҕин. Хаарта кинигэ аатыгар, ис хоһоонугар сөп түбэһэр.
Аан тылы ааптар Светлана Даниловна бэйэтэ суруйбут. Киниэхэ көмөлөспүт, кинини кытта кэпсэппит, сэһэргэһиигэ кыттыспыт билигин баар, олохтон барбыт да дьоннорун ааттарын ааттаан туран махтал тылларын аныыр.
Кинигэ алта төбөттөн турар.
- Нэһилиэгим сирин-уотун, өтөхтөрүн, алаастарын ааттара.
Барыта 309 аат киирбит. Бу элбэх сыралаах үлэттэн тахсар. Ыйынньыкка хас биирдии аат суолтата, ханан сытара, кимнээх олорбуттара бэлиэтэнэр. Икки тылынан: нууччалыы, сахалыы быһаарыылаах. Бүтэһигэр нэһилиэк сирин-уотун чуолкайдаспыт, бэйэтэ этэринэн, сиртэн-тыаттан арахсыбатах, булчут, сылгыһыт дьонугар, үөлээннээхтэригэр барҕа махталын тиэрдэр.
- Үйэлэр мындааларыттан.
Манна ааттара ааттаммат айылҕаттан сэдэх идэлээх дьоннор
тустарынан, Харбалаах нэһилиэгэ хаһан туспа нэһилиэк буолбута киирбит.
- Нэһилиэкпит олоҕун ыллыктарынан.
Манна холкуос, сопхуос тэриллиитэ, нэһилиэк уруккута, түөлбэлээн олорбут дьоно, Тоҥуулаахха “Нуучча сирэ” диэн ааттаах бөһүөлэк баар буола сылдьыбытын туһунан сиһилии суруллар. Никииппэр Бараахап – Ньалбаахаан Никииппэр төрдүн-ууһун туһунан саас-сааһынан суруллубуттан элбэҕи билиэххэ сөп. Уонна урут бэчээккэ тахсыбатах сэдэх кэпсээннэр ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
- Сүрэхтэн сүппэт сырдык сыдьаайдар.
Манна киирбит 12 тэттик кэпсээҥҥэ истибит, көрбүт, билэр дьоннорун тустарынан истиҥ, иһирэх тылынан суруллубутун ким сэргии ааҕыа суоҕай!? Аата да этэрин курдук сүрэхтэн сүппэт сырдык сыдьаайдар.
- Кэм-кэрдии оһорботох баастара…
Нэһилиэк олоҕор Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларын умнуллубат түгэннэрин туһунан суруйбут ыстатыйалара киирбиттэр. Курус, санньыар кэпсээн буолан аастаҕа. Аны маннык хатыламматар ханнык… Николаева Маарыйа уолун баҕатын толорон, ийэ барахсан бэйэтэ байыҥкымаакка киирэн, көрдөһөн төрөппүт уолун сэриигэ ыыттарбыт. Уола сэрииттэн эргиллибэтэх… Аны 3 уолаттарын көмүс уҥуохтарын оннугар кинилэр сааларын көмпүт Дарбыан оҕонньор…, “сэрииттэнэргиллибэт түгэммитигэр ааппытын көрө сылдьаарыҥ” диэн тииккэ чохороонунан ааттарын бастакы буукубаларын ойута быспыт икки уолаттары, таптал диэни билбэтэх, оҕо-уруу төрөппөккө, дьиэ-уот туттубакка, көмүс уҥуохтара сэрии толоонугар хаалбыт эдэр дьон туһунан харааста ааҕаҕын.
- Тоҥуулааҕым – оҕо сааһым өлбөөдүйбэт өйдөбүлэ.
Туох барыта төрөөбүт сиртэн-уоттан, алаастан силис тардар. Ол кэриэтэ Светлана Даниловна бэйэтин таптыыр-ахтар Тоҥуулааҕын кыыһа. Кини манна төрөөбүтэ, борбуйун көтөхпүтэ, улааппыта. Кэрэ айылҕалаах, бултаах-алтаах төрөөбүт алааһын истиҥ-иһирэх тылларынан ахтар. Ааҕа олордоххо оччотооҕу кэм, кини дьоно-сэргэтэ бу баардыы, киһи хараҕар көстөр киинэ лиэнтэтин курдук субуллар. Светлана Даниловна Обуой оҕонньор, аҕата Дайыыл, иэйэтэ Даарыйа тустарынан туох баарынан, хайдах саныырынан олус уйаҕастык, сылаастык, истиҥник ахтара, суруйара атыттарга бэйэтэ туспа холобур. Бу буолар төрөөбүт алаас, төрүт буор ахтылҕана, төрөөбүт дойдуга, төрөппүккэ махтал бэлиэтэ.
Түмүктээн эттэххэ,
- Светлана Даниловна “Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, дойду сурахтаах” кинигэтин өр сыллартан (инньэ оҕо сылдьан суорҕан иһигэр саптан сытан истэр умсулҕаннаах сэһэнтэн) саҕалаан, иитиэхтээн сылдьыбыт баҕа санаатын толорон, хомуйан таһаарбыта оруобуна кэмигэр (кинигэ эмиэ тахсар кэмнээх), бэчээккэ таҕыста. Бэйэтин нэһилиэгэр улахан бэлэх оҥордо.
- Кинигэ ахсаана баара-суоҕа 100 устуука. Онон иккистээн бэчээккэ тахсыаҕа диэн эрэнэбин.
- Кэнчээри ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ ананар, нэһилиэк историятын сорох кэрчиктэрин көрдөрөр. Салгыы өссө кинигэ иккис чааһа тахсыа диэн эрэл санаа баар.
- Оскуола, түмэл иһинэн, эбии үөрэхтээһин чэрчитинэн салгыы чинчийии, үөрэтии оҕо, эдэр ыччат төрөөбүт дойдутун, дэриэбинэтин, дьиэ кэргэни үөрэтиигэ көмө литэрэтиирэ буолуоҕа.
- Кэлэр ыччакка үйэлээх бэлэх. Төрөөбүт нэһилиэкпит алаастарын, үрэхтэрин, өтөхтөрүн, урукку, билиҥҥи дьонун үйэтитэн сурукка тиспит. Суруллубут суоруллубат.
- Сүтэн эрэр эргэрбит тыллары, ойуулуур-дьүһүннүүр быһаарыылары уустаан-ураннаан туттар. Тыла-өһө баай, хомоҕой.
- Кинигэ өс хоһоонунан олус табатык ааттаммыт. Онон Светлана Даниловна нэһилиэгин историятын кэпсиир кинигэтэ ааҕааччылар, биир дойдулаахтарын сэҥээриилэрин ылыаҕа диэн эрэнэбин. Светлана Даниловна, өссө да сытыы бөрүөҥсыппаабатын, үүнэ, сайда тур! Саҥа, сонун айымньылары күүтэбит!
Александра Николаевна Шестакова, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах учуутала, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.