Үлэ киһини киэргэтэр (кэпсээн)

СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, журналист, фотокорреспондент, “Сэрии тулаайаҕа”, “Олоххо туох суоҕай?” о.д.а. кинигэлэр ааптардара Егор Афанасьевич Афанасьев- Кэпсэтээрэп 89 сылыгар уонна кини кынаттанан тахсыбыт, үлэлээбит, айбыт-туппут улууһун хаһыата төрүттэммитэ 80 сылыгар ананар куонкуруска киирбит үлэни ааҕаргытыгар ыҥырабыт

Көр-күлүү, үөрүү-көтүү киһи өйүн-санаатын сынньатар. Ону таһынан, өссө, күлүү доруобуйаҕа олус туһалааҕын, бэл, олоҕу уһатарын туһунан элбэхтик кэпсииллэр. Онон, көрүдьүөс түгэни, аһара барбатаҕына, олус туһалааҕынан ааҕыахха сөп эбит.
Манна майгынныыр, үлэ туһунан мындыр этиилэр, өбүгэбит саҕаттан айыллан, күн бүгүнүгэр диэритин хам-түм иһиллэллэр. Холобура: «Эйэлээхтик, көрдөөхтүк үлэлээтэххэ, киһи сылайбат, салгыбат…», «Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма.», «Үлэ киһини киэргэтэр…» уонна, онтон даҕаны атын, уот харахха этиллибит, өс хоһоонноро, сомоҕо домохтор, мындыр этиилэр үгүстэр.
Дьэ, ол курдук, үлэҕэ араас буолара… Ордук, көрүдьүөс киһини кытары үлэлиир ордук үчүгэй. Күлэ-үөрэ сылдьан, киһи элбэҕи оҥорбутун, үлэлээбитин даҕаны билбэккэ хаалара баар суол….
Мин, бэйэм илэ харахпынан көрбүт, эт кулгаахпынан истибит көрүдьүөс түгэннэрбиттэн кэпсиим…
Дьэ, ол курдук… Оҕо эрдэхпинэ, таһаараа ыалбыт оҕотун кытары бодоруһабын. Кини оҕоттон эрэ ураты соҕус этэ. Соччо-бачча оонньууннан, мээнэ сылдьарынан үлүһүйбэт. Хата, ол оннугар, иллэҥ кэмигэр, ханнык эмит маска, батары саайыллыбыт оскуоманы тууран, онтукатын көннөрөн, төттөрү атын маска саайан кэмин барыыра. Кини, төһө даҕаны ыал ылгын оҕото буоллар, соҕотох уол буолан, эбиитин, кыра сааһыттан аҕата суох хаалан, тыа сирин бүппэт күүстээх үлэтэ кини санныгар сүктэриллэрэ. Күүстээх үлэҕэ даҕаны сырыттар, наар күлэ-үөрэ сылдьара.
Кини, сирэйдиин-харахтыын, киирэн-тахсан, тутта-хапта сылдьардыын уонна кэпсээн-ипсээн, киһини күллэрэрэ. Кыракый уҥуохтаах эрээри этиргэн; хара бараан дьүһүннээх; бэйэтигэр сөрү-сөп, илииннэн тигиллибит, сөбүлээн кэтэр сэлиэччиктээх; «…эбиитин эттээх сиргэ тэп…» диэбиттии, сөтүөлүү киирэн иһэн умсаары, ууттан утары тахсан иһэр оҕоҕо, илин тиистэрин тоҕо түһэн; мытталлан туран күлэрин көрөн киһи эрэ күлүөх көрүҥнээх этэ.
Ол уол, төһө даҕаны, кыра буоллар, үлэҕэ эриллибитинэн, сатамньытынан миэхэ наар ону-маны сүбэлиирэ.
Ол курдук, биирдэ, күһүн баччаларга, хотонун харалыы турарыгар тиийбиппэр, кэпсии-кэпсии, хотон хайдах сыбаныахтааҕын үөрэтэр: «…наа, бу убаҕас өттүттэн баһаҕын уонна күн диэки көрөн бараҥҥын, улахан соҕустук «Ааар-р-рёёёл» диэн баран бүттэ…» диэт хотон эркинин охсубута, били убаҕаһа күрдьэхтэн ыгыллан сирэйигэр тэйбитигэр, күн кыһалҕата суох: «…па, наа… Итинник буолбатах, сатаммата дии…» диирин көрө-көрө күлэн уҥа сытабын.
Кыһыҥҥы тымныы күн. Туман да туман. Мин, күн сололоох оҕо, оскуолабыттан кэлээт, ыалым уолга тахсабын. Киһим, күнүскү хотонун үлэтин үмүрүтэн, хайы-үйэ уулаан кэлбит ынахтарын баайталаан тиритэ-хорута сылдьар эбит. Уоһун иһигэр: «…бу туох ааттаах тымныы халлаанай?..» диэн ботугуруу-ботугуруу, хотонун түннүктэрин, аанын, тымныы салгын киирбэтин диэн, кичэйэн хаарынан хайар. Кэтэспит санаабар, уһуннук даҕаны сылдьан дьэ бүттэ… Дии санаабытым… Киһим: «…ээ, кэл эрэ бэттэх, хата доҕоор…»  диэт, күн аҥара хайбыт аанын нэлэччи аһаат хотонугар сүүрдэ. Батыһан киирбитим, киһим: «…мэ, бу баар эйиэхэ! Үчүгэй эбит дуо?..» диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, кып-кыра сутуругун оҕотунан, биир саадьаҕай ынаҕын сыҥаахха охсоот, санаатын сиппиттии тахсан барда. Мин өйдөөмүнэ: «…ити аата?..» диэн ыйытыкпар, киһим: «…ээ, сатана баара! Баарыын от киллэрэ сатыы сырыттахпына туораабакка, мэһэйдээн, оппун бары муостаҕа тохторбута…» диир. Оччолорго, чахчы санаатын ситиспитинии санаабыт буоллахпына, билигин кыыһырбыт омунун саныы-саныы күлэбин. Дьэ, уол да уол диэтэҕиҥ.
Ол уол, ити курдук, кыһыннары-сайыннары күүстээх үлэҕэ эриллэн, билигин ааттаах бэрдэ киһи, ньир бааччы олохтоох, дьоһуннаах ыал аҕата. Дьэ, ити кэнниттэн «ҮЛЭ КИҺИНИ КИЭРГЭТЭР» диэн этиигэ сөбүлэспэт, хайдах даҕаны сатаммат.
Кэлин, улаатан бараммын, төһө даҕаны атын сиргэ олохсуйдар, тыа киһитин сиэринэн ынах-сүөһү ииттэбин. Онон, сайын устата оттуубун. Эдэрчи киһи буоламмын, оттоон бүтээт, киэһэ матасыыкылга олордум даҕаны дэриэбинэҕэ көтүтэбин. Быһатын эттэххэ, ууна сылдьан оттуубун. Чугас алаас оччуттара үрдүттэн хоно сыталлар…
Кинилэри ийэлэрэ, эбэлэрэ эмээхсин салайан илдьэ сылдьаттыыр. Олус көрүдьүөс, сытыы тыллаах эмээхсин буолан сүрдээҕин тапсарбыт. Онон, кэлэрбэр-барарбар түбэһиннэрэн, дэриэбинэттэн ыһык ыллаттарар. Арыт, биирдэ эмитэ, дьээбэм батарбакка, алаас саҕатыгар киирдим да, тимир көлөм муҥутуурунан быччатабын. Дьээ, оччоҕо, били эмээхсиним барахсан, сааһыгар сөбө суохтук, киэҥ да киэҥ, охсуллубут ходуһаны уҥуордаан, сүр чэпчэкитик буурдаан кэлээт: «… Һуу, түргэним омунугар, хараҕым чэчэгэйбэр тиийдэ. Туох кууруссата кэллэ диэн үүрбэттэр ини…» диэн, аҕылыырын быыһынан, саҥаран күллэрэрэ. Хас сырыым ахсын, наар саахар сакаастыыр. Ону биирдэ, дьээбэрэммин: «…хайа, бу эдьиийим Маарыйа, саахары луоскуннан баһан сиигин дуу? Киһи билбэтинэн быраага өрө сытаҕын дуу?..» диибин. Ээ, киһим бэрт холку, от мунньан тиритэ-хорута сылдьар дьонун диэки ыйар уонна: «көр эрэ, көр эрэ, оол-ол кыраабыллаах, бука барыта сахсырҕалар, биир да киһи суох…» диэн бэрт наҕыллык саҥаран күллэрэр… Дьэ, ити курдук, алтыһаммыт, от үлэтин үөрэ-көтө атаарарбыт. Үчүгэй даҕаны буолара.
Кылгас сайыммыт устата, куйааһы баттаһа, тыа дьоно үгүстэрэ оттууллар. Араас түбэлтэлэр буолаллара саарбаҕа суох.
Билэр киһибэр, биирдэ, аймахтара оттостулар. Ол, ини-биилэр, күөл кытыытыгар, илии хотуурунан от охсо сылдьаннар, кэнниттэн иһээччитэ, охсорун омунугар, инникилээччитин атаҕын быһа охсон эчэппит. Хаан-сиин бөҕөтө аймалҕаны таһаарбыт. Хата, эчэйээччи, атаҕын имэринэ олорон: «…атаҕым диэн, оһуо буоллаҕа дии. Саппыкым баар! Бэҕэһээ эрэ ылыммытым буолбат дуо?!.» диэбитин истэммин, билигин да саныы-саныы күлэбин. «Куһаҕантан киһи даҕаны күлэр…» диэбиккэ дылы.

 Николай Васильев-Харыйалаах Уола 

Дүллүкү.

Хаартыска интэриниэт ситимиттэн

Читайте дальше