Үтүө киһи аата үйэлэри уҥуордуур

Ахсынньы 8 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи И.Н. Барахов аатынан 1№-дээх орто оскуолаҕа РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, учууталлар Учууталлара, методист, наставник Николай Васильевич Егоров 120 сааһыгар аналлаах «Учуутал! Эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн…” диэн начаалынай кылаас учууталларыгар сэминээр буолан ааста. Улууспут бары оскуолаларыттан 70-ча начаалынай кылаас учууталлара, Бүлүүттэн, Ньурбаттан Николай Егоров аймахтара, Бүлүүтээҕи пед колледж методист- настаабынньыга, РФ үтүөлээх учуутала, учууталлар Учууталлара Евгений Алексеев, Николай Егоров үлэлии, олоро сылдьыбыт Ньурба Үөдэйиттэн нэһилиэк баһылыга Мария Николаева, оскуола дириэктэрэ Любовь Ли, учууталлар кэлэн бастыҥ үлэлээх настаабынньык учууталлар уруоктарыгар, маастар-кылаастарыгар, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ сырыттылар.
Хас биирдии учуутал туспа буочардаах, айар-тутар ыллыктардаах, кыайа тутар баһылаабыт ньымалардаах. Ол ону уруокка таба туттан, оҕоҕо тириэрдэн, үгүс үөрүйэхтэри, сатабыллары иҥэрэн, оҕо ис кыаҕын арыйан, таба тутан сайыннаран күн бүгүн Үөһээ Бүлүү ыччаттара үөрэх үрдүк кирбиилэрин баһылыыллар, олох араас эйгэтигэр чуо-бааччы инники күөҥҥэ тахсан кэлэллэр. Маҥнайгы учуутал оҕоҕо олоҕун сүрүн акылаатын уурсар саамай тутаах киһитэ. Кини бу кэмҥэ ылбыт билиитэ, үөрэххэ, олоххо сыһыана олоҕун устун арыаллыыр. Онон ураты чараас эйгэлээх, барытын өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕигэр-быарыгар иҥэринэ сылдьар оҕолору хайдах үөрэтиэххэ, иитиэххэ, сайыннарыахха диэн үгүстүк үлэлээбит, элбэх учуобунньук ааптара, учууталлар сирдьит сулус оҥостубут улахан методистара Николай Егоровка аналлаах сэминээргэ хас да көлүөнэ ыччаты үөрэппит настаабынньык учууталлар Наталья Чуручанова, Надежда Сантаева, Людмила Семенова, Анастасия Андреева, Марина Иванова, Мария Евдокимова, Айталина Копылова аһаҕас уруоктары ыыттылар. Саҥа чаастары уонна этии чилиэннэрин үөрэтиигэ тирэх таблицалары туһаныы, сурукка бастакы хардыылар, ааҕыы уруоктарыгар Блум методикатын туһаныы, чинчийэр үлэ көмөтүнэн оҕо ситимнээн саҥарар саҥатын сайыннарыы, ааҕыы үөрүйэхтэрин сайыннарыы, оһуокай, тойук чэбдигирдэр туһалара, сахалыы оонньуу түһүлгэтэ, олоҥхону оонньуунан үөрэтии, кыра кылаас оҕотугар электроннай киинэ- тылдьыт диэн саамай тоҕоостоох тиэмэлэргэ Анна Андреева, Наталья Васильева, Валентина Попова, Надежда Семенова, Аяна Корякина, Анастасия Федорова, Саргылана Санникова, Надежда Архипова, Мария Софронова, Ольга Муксунова, Антонина Семенова, Александра Тимофеева маастар-кылаастары ыыттылар. Кэлбит учууталлар бу күн олус интэриэһинэй уруоктары көрдүлэр, үөрэтии ньымаларын кытары билистилэр. Кинилэр ылбыт билиилэрин инники үлэлэригэр туһаналлара саарбаҕа суох.


Оскуолаҕа Николай Егоровка аналлаах экспонаттар турдулар. Кэлбит ыалдьыттар олус интэриэһиргээн бу устуоруйа кэрэһитэ буолар матырыйааллары көрдүлэр. Бу матырыйааллары оскуола музейын үлэһитэ бэтэрээн учуутал Надежда Яковлевна Николаева бэлэмнээтэ.
Үөһээ Бүлүүтээҕи музейга Дьокуускайтан Ярославскай аатынан музейтан Н. В. Егоров маллара, докумуоннара, хаартыскалара кэлэн хас да күн дьон-сэргэ көрүүтүгэр тураллар. Бу күн тэрээһин кыттыылаахтарыгар анаан Иван Чычахов кэпсээтэ. Николай Егоров аймахтара, сиэн балтылара, бырааттара, Бүлүүттэн, Ньурбаттан кэлбит ыалдьыттар Билиилээххэ баар Н.В.Егоров аатынан искибиэргэ сылдьан сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Күн иккис аҥарыгар оскуолаҕа Н.В.Егоров олоҕун, үлэтин кэпсиир стендэ арыллыыта буолла. Стендэни Саха Сирин оскуолаларын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаева, РФ оскуолаларын үтүөлээх учуутала Евгений Алексеев, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева арыйдылар. Оскуола музейын үлэһитэ Надежда Николаева стендэҕэ хомуллубут матырыйааллар тустарынан сиһилии кэпсээтэ. «Кыһыл сулус» уордьанынан, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт, Сталинграды босхолооһун кыттыылааҕа, гвардия старшината званиелаах сэрииттэн эргиллибит РСФСР, Саха АССР үтүөлээх учуутала, педагогическай үлэтин иһин Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан наҕараадаламмыт аатырбыт учууталга П.Н. Тобуруокап, В.Г. Чиряев, Г.Г. Нынныров, Г.Р. Кардашевскай үөрэммиттэрэ. Алын сүһүөх оҕолоро Николай Васильевич олоҕун кэпсиир литературнай — художественнай монтаж аахтылар. Ол кэннэ Николай Егоров аймахтара 4-с кылаас икки бастыҥ үөрэнээччитигэр: туйгун үөрэнээччи Осипова Күннэйгэ уонна олимпиада кыайыылааҕар, НПК кыттыылааҕар Егоров Айхалга анал стипендиялары туттардылар.
Салгыы «Төгүрүк остуолга” сүрүн дакылааты Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, учууталлар Учууталлара, өр кэмҥэ Н.В. Егоров салалтатынан инспектордаабыт, педагогическай үлэ ветерана, 93 саастаах Ульяна Терентьевна Тимофеева оҥордо. Оччотооҕу кэмҥэ учууталга методическай көмө туһунан, Николай Васильевич төрөөбүтэ 100 сылыгар улахан болҕомто ууруллубутун, кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан кэпсээтэ. Үс көлүөнэҕэ аата ааттаммыт улахан методист Николай Егоровичка аналлаах элбэх матырыйааллаах стендэни оҥорбуттарыттан, үбүлүөйдээх тэрээһиннэртэн олус астыммытын, үөрбүтүн туһунан эттэ.


Бүлүүтээҕи педагогическай колледж үлэһиттэрэ Н.В. Егоров үлэлэрин педагогическай музейга туттарбытын, дьиҥнээх оригиналлар баалларын туһунан кэпсээтилэр. Саамай үөрүүлээҕэ «Егоровтар учуутал династиялара» диэн дакылааты Таймылыыртан кэлэн Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка үөрэнэ сылдьар аймах уол Гаврил Егоров ааҕан киэҥ кэрэхсэбили ылла. Мустубут дьон Гаврилы абаҕатын суолун салгыа диэн алҕаатылар.
Ньурба Үөдэйин баһылыга Мария Николаева Николай Васильевич Егоровы уонна Варвара Андреевна Петрованы биһиги нэһилиэк саамай өрө тутар дьоммут диэн киэн тутта кэпсээтэ. Николай Васильевич Үөдэйдэргэ 1922 сыллаахха аан бастаан сырдыгы тарҕаппыт, 19 сааһыгар учууталлыы кэлэн баран 30 оҕону бэйэтэ соҕотоҕун үөрэппит. Нэһилиэккэ соҕотох үөрэхтээх киһи эбит. Быйыл Үөдэйгэ аһыллаары турар таас оскуола-саад дьиэҕэ биир хоско киниэхэ аналлаах стендэ арыйыахпыт, музей экспонаттарын ууруохпут диэтилэр.
Түмүккэ Николай Егоров аймахтара бу Педагог уонна Аҕа настаабынньык сылыгар үбүлүөйдээх тэрээһиннэртэн олус долгуйбуттарын, үөрбүттэрин туһунан эттилэр уонна үөрэх управлениетыгар, бу тэрээһини салайсыбыт Наталья Ивановаҕа, И.Н. Барахов аатынан орто оскуола кэлэктиибигэр, директор Александр Поскачиҥҥа, Н.В. Егоровка аналлаах искибиэри сиэнинээн туруорсан оҥотторбут, үйэтитиигэ үгүстүк үлэлэһэ сылдьар Наталья Васильеваҕа, оскуола музейын үлэһитигэр Надежда Николаеваҕа, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары учууталларга дириҥ махталларын тириэртилэр.

 

Валентина ФИЛИППОВА

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">