“Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнэ — ураты бэлиэ күн. Бу күн судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэт туһунан Декларация ылыныллыбыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҕор саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыта.
Судаарыстыбаннай Сүбэрэнитиэт туһунан Декларация ылыллыаҕыттан Саха сирин бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай олоҕор сүҥкэн уларыйыылар тахсыбыттара, өрөспүүбүлүкэ саҥа статуһа олохтоммута.
1991 сыл алтынньы ыйга Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнин солото олохтонон, ахсынньы ыйга М.Е.Николаев бастакы Бэрэсидьиэн буолбута, эрэгийиэн аата уларыйбыта, 1992 сылга судаарыстыбаннай былаах уонна им бэлиэ (гиэрбэ) биһирэммиттэрэ.
1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабарга илии баттаһыы тэриллибитэ. 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин уочарата суох X1 сессиятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона (Конституция) ылыныллыбыта.
1992 с. сэтинньи 25 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баар баайы-дуолу тыырсыы Сөбүлэҥэ түһэрсиллибитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Россия састаабыгар бигэтик сайдар аартыга арыллыбыта, омук быһыытынан ураты өй-санаа уһуктубута, саҥа духуобунай сыаннастар олохтоммуттара, кут-сүр, сиэр-майгы туһунан көрүүлэр сөргүтүллүбүттэрэ, экэниэмикэҕэ, социальнай эйгэҕэ үгүс ситиһиилэр бэлиэтэммиттэрэ, Саха сирин норуоттара биир сомоҕо буола түмсүбүттэрэ.
Дьон-сэргэ биһирээн, бүттүүн талбыт бас-көс дьоно: Михаил Ефимович Николаев, Вячеслав Анатольевич Штыров, Егор Афанасьевич Борисов, Айсен Сергеевич Николаев — сатабыллаахтык салайан, сайдыы, барҕарыы суолунан иннибит диэки эрэллээхтик баран иһэбит. Саха сирэ – модун дойду биир тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэнэ, Уһук Илиҥҥи уокурукка экэниэмикэ, социальнай эйгэ үгүс салааларыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Билигин судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүү, салалта көдьүүһүн үрдэтии, дьон олоҕун уйгутун тупсарыы соруктара инники күөҥҥэ тураллар.
Үөһээ Бүлүүгэ сыллата балаҕан ыйын 27 күнүгэр төрөөбүт норуотун дьылҕатыгар сүдү суолталаах киэн туттар биир дойдулаахпыт, бөдөҥ судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын төрүттэспит Исидор Никифорович Барахов мэҥэ тааһыгар барҕа махталбыт, дириҥ ытыктабылбыт бэлиэтин – сиэдэрэй сибэкки дьөрбөтүн ууруу уонна да атын дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолаллар.
Барыгытыгар чөл-чэгиэн туругу, айымньылаах-таһаарыылаах үлэни, дьолу-соргуну баҕарабын! Дойдуга үөскээбит тыҥааһыннаах кэмҥэ уһуну-киэҥи санааҥ, үчүгэйи ыраланыҥ, киэҥ көҕүстэниҥ, бэйэ-бэйэни ытыктаһыҥ! Анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр хоһууттарбыт кыайан-хотон, этэҥҥэ иэримэ дьиэлэригэр эргиллэн кэлэллэрин эрэнэ кэтэһиэҕиҥ, биһигиттэн тутулуктааҕы хааччыйа туруоҕуҥ!
Түмсүүлээх буоллахпытына, кыаллыбаты да кыайыахпыт! Тускуо!
Валерий Николаев,
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга