Ытыктабыллаах Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Кыайыыны уһансыбыт тыыл-үлэ бэтэрээннэрэ, сэрии сылларын оҕолоро!

“Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Эһигини Улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлиибин!
1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ — Россия хас биирдии олохтооҕор ытык күн, махтал күнэ, кэриэстэбил күнэ…. Иэримэ дьиэҕэ, төрөөбүт төгүрүк алааска таптал, Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу, “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!” диэн өйдөбүллэринэн салайтаран, Ийэ дойдуларын көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут хаарыан дьоммутун кэриэстээн, ахтан-санаан ааһар, хараастар, харах уулаах бырааһынньык…
Бу хараҥа күүһү, адьырҕалыы майгыны-сигилини, күүһүнэн өттөйүүнү утарар, саралыыр, сэрэтэр күн, төһөнөн ыраатар да, суолтата күннэтэ үрдээн иһэр. Бүгүн биһиги аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын биллэрэбит, булгуруйбат модун санааларын, Ийэ дойдуларыгар муҥура суох тапталларын иһин сүгүрүйэбит…
1418 күн устата барбыт Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биһиги улуустан оту-маһы тутан көрөр саастарыгар сылдьар 2163 киһи барбыта. Олортон 1131 киһи сэрии толоонугар охтубута, 746 киһи (о.и. 515 арҕаа фронтан, 231 – илинтэн) этэҥҥэ тыыннаах эргиллибитэ, 298 киһи үлэ фронугар кыайыыны уһансыбыта.
Дьылҕа хаан ыйааҕынан 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ сэбиэскэй норуот булгуруйбат модун күүһүн туоһулара күннэтэ сааскы хомурах курдук уостан-сүтэн иһэллэр… Биһиги сэрии уодаһыннаах, аас-туор, сут-кураан сылларыгар дьоруойдуу охсуспут, үлэлээбит, эт түөстэринэн дьоннорун, дойдуларын көмүскээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин, үлэ фронун, тыыл бэтэрээннэрин, улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлээбит сэрии сылларын оҕолорун чиэстиир, сүгүрүйэр, үтүө ааттарын үйэтитэр — ытык иэспит.
Бүгүн төбөбүтүн төҥкөтөн, иһийэн туран, кэриэстиибит: Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын Алексей Афанасьевич Мироновы, Владимир Денисович Лонгиновы; Ленинград куораттан сэриигэ тылланан барбыт сахаттан бастакы историк-учуонай Никон Семенович Романовы; биллиилээх суруйааччылары Никифор Кирикович Седалищевы-Дьүөгэ Ааныстыырабы, Василий Ксенофонтович Иванову-Кустуктуурабы, Петр Николаевич Тобуруокабы, Николай Гаврильевич Золотареву-Дьокуускайы; хамандыырын түөһүнэн хаххалаан, дьоруойдуу өлбүт саха Данкотын — Прокопий Афанасьевич Софроновы-Боороону; Латвияны босхолуур кыргыска дьоруойдуу охтубут, улуустан соҕотох “Аҕа дойду сэриитэ” I истиэпэнэ, “Слава” III ист. уордьаннаах Владимир Спиридонович Павловы; биэс ини-бии Николай, Иннокентий, Самсон, Савва, Ефим Федоровтары — Харбалаахтан; түөрт ини-бии Николай, Василий, Елисей, Капитон Ивановтары — Дүллүкүттэн, Матвей, Анисим, Гаврил, Федор Туттукуровтары — Быракаантан; үс ини-бии Николай, Артамон, Василий Ивановтары — Быракаантан, Степан, Трофим, Егор Руфовтары — Дүллүкүттэн; номоххо киирбит үс хоһууннары Василий Иннокентьевич Степановы-Буучугураһы, Никита Константинович Докторовы-Бычырдааны, Алексей Петрович Васильевы-Мордьонноохобу; улуу учууталлары Михаил Андреевич Алексеевы, Дмитрий Спиридонович Спиридоновы уонна онтон да атын үгүс күөгэйэр күннэригэр сылдьан, кырыктаах кыргыска умса түспүт, билиэҥҥэ түбэспит, сураҕа суох сүппүт, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн, эйэлээх олох тутуутугар сылдьан, дьарҕалара суойан, суох буолбут биир дойдулаахтарбытын… Кэриэстиибит аччыктаан, хоргуйан өлбүттэри… Умнубаппыт “Тугу барытын – фроҥҥа, тугу барытын – Кыайыы туһугар!” диэн, фрону сэрии сэбинэн хааччыйар, аһатар-таҥыннарар туһугар тыылга, үлэ фронугар тоҥмут-хаппыт, өлбүт-сүппүт, Аҕа дойдуну чөлүгэр түһэрсибит, икки хараҥаны ыпсаран, ньуура-көлөһүнэ суох үлэлээбит хорсун-хоодуот, хаан-уруу дьоммутун…
Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 1945 с. бэс ыйын 16 күнүнээҕи, 1947 с. кулун тутар 13 күнүнээҕи уураахтарынан Үөһээ Бүлүү оройуонугар 1489 тыа сирин үлэһиттэрэ “1941-1945 сс.Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.
Уруй-айхал, албан аат Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!
1941-1945 сс. – тыыннаахтар умнубат сыллара… Эдэр ыччакка сэрии туһунан кырдьыгы кэпсиэххэ, кыайыы туһугар тугу толук уурбуппутун өйдөтүөххэ, Аҕа дойдуга сөҕүрүйбэт таптал уотун уматыахха, дьиҥнээх патриот, дойдуларыгар бэриниилээх дьон буола улааталларын ситиһиэххэ!
2022 сыл олунньу 24 күнүттэн Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыы киһи аймаҕы барытын фашизм хара дьайыттан арчылыыр-араҥаччылыыр аналлаах. Кэриэстиибит нацизм саҥа көрүҥүн утары охсуһууга охтубут уолаттарбытын — бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын, чулуу буойуттарбытын…
Айыы санаалаах Россия норуоттарын кута-сүрэ бөҕөх!
Фашизм иккистээн төбөтүн өндөтүө суоҕа!
Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!

Дириҥ ытыктабылы кытта
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.Николаев

Читайте дальше