Бүгүн, ыам ыйын 20 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы түүрэйдээһини утарар үөрэх буолла . Ол чэрчитинэн, Ю.Н.Прокопьев аатынан 3-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа үөрэхтээһини ыыттылар.
Сарсыарда 10 чааска ЕДДС сулууспатыгар оскуола иһигэр буомба сытар диэн тыллабыр киирдэ. Түргэн үлүгэрдик оскуолаттан оҕолору, учууталлары таһаардылар, тэйиччи сиргэ туруордулар. Оскуола үлэһиттэрэ хас оҕо, улахан киһи эвакуацияламмытын туһунан ЕДДС начаалынньыга В.К.Адамовка уонна полиция начаалынньыгар, майор А.А.Егоровка дакылааттаатылар. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр оскуола таһыгар турар оперативнай штабка полиция, электростанция, ОДьКХ үлэһиттэрэ, көрдүүр-быыһыыр, суһал көмө сулууспалара, баһаарынайдар кэллилэр. Кинилэргэ үөскээбит балаһыанньаны ЕДДС начаалынньыга В.К.Адамов билиһиннэрдэ. ГАИ үлэһиттэрэ чугастыы уулуссалары бүөлүү оҕустулар. Оскуола харабыла анал үөрэхтээх саперу, сержант А.Евдокимовы уонна ООП начаалынньыгын, полиция майорун В.С.Потаповы оскуолаҕа киллэртээтэ. Биир сапер оскуола муннугар хаалла.
Кинилэр буомба сытар сирин булан, дьааһыгы сэрэнэн арыйан буомба эстэр кутталын туораттылар. Маныаха сапер тулуурдаах уонна сэрэхтээх болуохтаах эбит, кини туттарыттан-хаптарыттан, хамсаныыларыттан дьон олоҕо тутулуктаах. Дьааһыктаах буомбаны илдьэ таһырдьа таһаардылар, маныаха бу буомбаны уурбут 1979 с.т. уорбаланааччы Е.В.Н. тутан отделга быһаарыыга илтилэр.
Куттал ааста. Оҕолор уонна улахан дьон оскуолаҕа төптөрү киирдилэр, быыһааччыларга махтал тылларын эттилэр. Маннык түгэҥҥэ түргэн-тарҕан туттунууну, уолуйбат буолууну быһаарар суолталааҕын бу үөрэхтээһин көрдөрдө.
Мария Васильева,
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат