Украинаҕа буола турар быстах байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саха эр дьонугар Саха сирин бырабыыталыстыбата, улуус, нэһилиэк, биирдиилээн дьон, түмсүүлэр тылынан-өһүнэн, аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан, техниканан, харысхал тэрилинэн ахсаабат көмөнү оҥороллор.
Ороһу нэһилиэгэр сылын аайы көмө бара турар, өссө да барыа турдаҕа. Балаҕан ыйыттан саҕалаан «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ харчынан кыттыһан, олохтоох дьаһалта (баһылык Антонов А.В) алта тыһыынча эбии үп көрөн, сиэткэ, таҥас матырыйаалын ылбыттара. Салайааччы Котоконова Надежда Васильевна көҕүлээһининэн, Ильина Мария Николаевна, Соломова Галина Ивановна, Ласточкина Анна Степановна, Малахаева Евдокия Николаевна, Гольдерова Ульяна Федоровна, Прокопьева Александра Спиридоновна, Туралысова Екатерина Алексеевна илиилэрин араарбаакка 3×4 иэннээх икки харысхал сиэткэтин өрдүлэр, баһыылкалаан ыытаары бэлэмнээтилэр.
Эбээлэр кыһамньылаах, сылаас илиилэринэн оҥорбут сиэткэлэрэ харысхал буолан, саллааттары өлөр өлүүттэн өрүһүйэн, доруобай эргиллэн чугас дьоннорун кытта үөрэ-көтө олордуннар диэн хас биирдии киһи баҕа санаата туолуохтун!
Нина Михайлова