«Олоххо, үлэҕэ туох суоҕай?» улуустааҕы куонкуруска киирбит үлэлэри салгыы билиһиннэрэбит.

       Биһиги 90-с сылларга ыал буолбуппут. Оччолорго эдэр дьоннор үгүстэрэ коляскалаах мотоциклынан айанныыр этибит. Икки улахан оҕолорбут кыралар. Кырабыт кыыс,  сымнаҕас буоллун диэн коляска иһигэр кыра оҕо матарааһа тэлгиибит. Кыыспытын убайыгар көтөхтөрөбүт, убайбыт да кыра киһи, үһүгэр сылдьар, олордооппутун кытта кыыспыт ытаан киирэн барар. Мин оҕолорбун чараас суорҕанынан саба быраҕабын.  Кэргэним мотоциклын собуоттаабытын кытта ытыыра тохтоон хаалар. Быыл бөҕөтө суолунан айаннааммыт дьэ кэргэним дэриэбинэтигэр киэһэ тиийэбит. Суолбут барыта таас, буор, быыл.  Суолга аара тохтоон сынньанабыт, арай шлеммытын уонна ачыкыбытын устубуппут сирэйбит барыта буор суола хаалбыт буолааччы, бэйэ бэйэбитин көрсө - көрсө быарбыт быстыар диэри күлсүү бөҕөтө буоларбыт.

***

       Кыра уолбут атырдьах ыйыгар сэттэтин туолан оскуолаҕа киирдэ. Буоларын курдук «Билии күнүн»  ыллыбыт, табаарыһа эбиэттэн киэһэ кэлэн оонньоотулар. Онтон дьоммут сүтэн хааллылар, ол икки ардыгар тыа диэккиттэн кэллилэр. Арай уолаттарбыт табах сыттаахтар. Оскуолаҕа бардыбыт, улааттыбыт диэннэр дьоммут бастакы табах боруобалааһыннара , Валерчик таайын сиэбиттэн «Беламор – Канал» диэн табааҕын ылбыт. Билигин саныы - саныыбыт күлсэбит, ол «разборка» кэнниттэн оннук «случай» буолбатаҕа.

***

       Кэргэним, аҕабыт кэпсээннээх киһи. Дэлэҕэ, арааһы кэпсэтэ олордоххо тохтоон хааллаҕына,  кыра племянницабыт кулгаах, харах иччитэ буола олорон : «Ɵссө кэпсээ, өссө кэпсээ» - диэ дуо.

      Армия кэккэтигэр сулууспалаабыт уолаттар үксүлэрэ да, хайдах сулууспалаабыттарын, араас мүччүргэннээх сырыыларын кэпсээччилэр. Кыра бириэмэ көһүннэ даҕаны кинигэ тутуурдаах буолабын диир. Ону көрөн нуучча уолаттара: «Эй, якут, знакомые буквы ищешь да?» - диэн күлүү гыналлара үһү.  Биирдэ эдэр сержант ыҥыран ылан баран, библиотекаттан үчүгэй ааҕар кинигэтэ миэхэ аҕалаар диэбит. Библиотекаҕа тиийэн баран, ким да көрбөтүгэр «Штурм Рейхстага» , хап – халыҥ, сабыс-саҥа  кинигэ турарын хоонньугар уктан,  биэриэм диэн оронугар илдьэн кистээн кэбиспит. Дьэ, онтон сержана көрсөн кинигэ буллун дуо, аҕал диэн буолбут. Кабинетыгар элээрдэн киирбит уонна кинигэтин астына-астына биэрбит. Киһитэ кинигэ аатын көрөн баран, бэйэтэ да улахан күөх хараҕа өссө кэҥээбит, маҥан сирэйэ кып-кыһыл буолан хаалбыт да, кинигэнэн быраҕан элээрдибит. Аҕабыт нэһиилэ аһаран биэрэн кабинеттан куотан тахсыбыт. Дьэ, саатар булан ылбыт кинигэтэ баар ээ.

***

      Мин 1982 сыллаахха Дьабыыл аҕыс  кылаастаах оскуолатын бүтэрбитим. Билигин санаатахха олус да кэрэ кэмнэр этилэр. Сэттис уонна ахсыс кылаас оҕолорун илдьэ саас велосипедынан Төҥүлүгэ похуоттуу барар буоллубут. Учууталбыт Михаил Михайлович Васильев (ырыаһыт Джида а5ата). Барарбытыгар утары тыаллаах, аны кэлэрбитигэр утары тыаллаах буолан биэрдэ. Биһиги парус оҥостон бараары баҕа бөҕөбүт.

      Төҥүлүгэ тиийэн бараммыт музейга сырыттыбыт, онтон СПТУ- 4 барыахтаахпыт. Туруору сыыры велосипедынан уолаттарбыт таах түстүлэр. Сорох кыргыттар сыыры туормастаан түһэри билбэттэр этэ. Дьэ, айка бөҕөтө буоллулар, аанньа буолуо дуо, баран ыаллар саһааннарыгар үчүгэй кэтиллии, сааллыы буолла ээ. Кэлин ону саныы саныыбыт күлсээччибит.

Кылгас көрдөөх кэпсээни суруйдум 

Октябрина Семеновна Платонова, 

Мэҥэ - Хаҥалас улууһа, 2-с Наахара нэһилиэгэ, Хочо бөһүөлэгэ
href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше