Саха сиригэр 2024 сылга 14 элбэх квартиралаах дьиэ территориятын тупсаран оҥорор былаан баар. Уһук илиҥҥи региоҥҥа Дойду Президенин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн, уопсай дьиэлэр тиэргэннэрин тупсаран оҥоруу бырагыраамата 2021 сылтан саҕалаан үлэлээбитэ.
2024 сылга 14 тиэргэни тупсаҕай гына оҥорууга 102 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. 2023 сыл ахсынньытыгар сүүмэрдиир куонкуруска 49 муниципальнай тэриллииттэн 79 сайаапка киирбит. Куонкурус түмүгүнэн тупсарыллан оҥоһуллуохтаах аадырыстар билиннилэр. Ол курдук, Дьокуускай куоракка 5 дьиэ территорията, ону тэҥэ, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри куораттарыгар уонна Нам, Аллараа Халыма, Өлүөхүмэ, Хаҥалс уонна Чурапчы улуустарын сайаапкалара ааспыттар.
Маннык үлэҕэ 2022 сылга 846 мөлүйүөн солкуобай ананан турар. Бу үпкэ уопсайа 37 муниципальнай тэриллиигэ 124 тупсарыллан оҥоһуллубут уопсай дьиэ тиэргэннэрэ уонна аччыгый пааркалар баар буолбуттара. Оттон 2023 сылга 61 маннык территориялары тупсаран оҥорууга федеральнай үптэн 429 мөлүйүөн көрүллүбүтэ.
Быйылгы сылга «Уһук илиҥҥи уокурукка 1000 тиэргэн» диэн бырайыак чэрчитинэн 25 муниципальнай тэриллиигэ 61 территория тупсарыллан оҥоһулунна. Бу бырагыраама көмөтүнэн элбэх квартиралаах олорор дьиэлэр аттыларыгар оҕо оонньуур былаһааккалара, дьиэ кэргэнинэн сынньанарга табыгастаах миэстэлэр, аччыгый пааркалар тутуллан, дьон олоҕор биллэр уларытыылары, сэргэхсийиини киллэрбитэ мэлдьэҕэ суох.