Туймаада Ыһыаҕар ат сүүрдүүтүн кыайыылааҕа Ил Дархан бирииһин тутуоҕа

Бэс ыйын 30 күнүгэр ыытыллар Туймаада Ыһыаҕар киэһэ  18.00 ч «Үс Хатыҥ» «Дьөһөгөй» ипподромугар Ил Дархан бирииһигэр 2400 м сүүрдүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһэ оонньонуоҕа. Ат сүүрдүүтүгэр 4 саастарыттан үөһээ саастаах ыраас хааннаах 10 сүүрүүк боруода ат кыттыаҕа. Күрэхтэһиигэ бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр  кэлбит аттар киириэхтэрэ. Бириис пуондатын уопсай суумата — 5 мөлүйүөн солкуобай.

Сүүмэрдиир күрэхтэһии түмүгүнэн Үс Хатыҥ  ипподромугар  Горнай улууһуттан Супер Таргет, Амма улууһуттан Конст Холидей, Хаҥалас улууһуттан Евр, Уус-Алдан улууһуттан Лансье, Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан Нэйчерел Кин, Нам улууһуттан Аутлендер,  Дьокуускай куораттан «Сахатент» тэрилтэ аатыттан Йортен, Ньурба улууһуттан Делленджер, сунтаар улууһуттан Байсар Барс, Чурапчы улууһуттан Князь Болотоков тахсыахтара.

3200 м уһуҥҥа 4 саастан үөһээ саастаах  ыраас сүүрүүк хааннаах Саха сиригэр төрөөбүт боруода аттар Бырабыыталыстыба бирииһин иһин киирсиэхтэрэ. Бириис пундата – 600 тыһыынча солкуобай. Бу күн уопсайа 5 дистанцияҕа сүүрүөхтэрэ: 1000 м, 1000 м, 1600 м, 2400 м.  уонна 3200 м уопсайа барыта 6,3 мөлүйүөн солкуобай бириис быһыытынан ананыаҕа. Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтүн тэрийээччилэрэ  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дьаһалтата уонна Бырабыыталыстыбата,  тыа хаһаайыстыбатын уонна продовольственнай бэлиитикэ министиэристибэтэ, «Дьокуускай куорат» уокуругун дьаһалтата, СӨ ат спордун Федерацията. Пресс-служба Главы СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше