Баһылык отчуота
Оҥхойдор фельдшерга наадыйаллар
Улуус дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин-хамнаһын отчуоттуур иккис бөлөх үлэтин Оҥхой нэһилиэгиттэн саҕалаата. Бөлөҕү баһылык солбуйааччыта Александр Андреев салайан ильэ сырытта.
Оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин учуутала Мария Васильева Өксөкүлээх Өлөксөй Аһыкай алааһыгар тиэрдэр суол хаһан оҥоһуоллуоҕун туоһуласта. Суол өрөмүөнүгэр, оҥоруутугар үлэ барыаҕа диэн хоруй ылла. Оҥхой олохтооҕо Мария Константинова кытаанах бөҕү тиэйии, ол тула сөптөөх дьаһаныы тоҕо кыаллыбатын туоһуласта. Оскуола үлэһитэ Антонина Алексеева анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар көмө харчы хомуйуутун бар дьоҥҥо отчуоттуулларыгар ирдэстэ. Чуолкайдаан этэр буоллахха, 2022 сылга 4 мөлүйүөн 750 тыһыынча, 2023 сылга 2 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобай үп-харчы хомуллубут.
Оҥхой нэһилиэгин олохтоохторо Бүлүү өрүһүн туоруур муоста, күөх төлөн киириитин, оскуола-саад тутуутун тула кэпсэттилэр, фельдшер штата аһаҕаһын эттилэр, итиэннэ отчуоту биһирииллэрин биллэрдилэр.
Түмүккэ, кэлбит бөлөх 2020 сыллаахха үлэҕэ киирбит элбэх фунцияны толорор култуура уонна спорт дьиэтин көрдө-иһиттэ. Баараҕай эбийиэккэ кулууп, почта, ветеринария, ааҕар балаҕан, «Сатабыл», «Хотууна», «Оһуор», «Тэтим» түмсүүлэр, спорт саала, олохтоох дьаһалта тэрилтэлэрэ бииргэ түмсэн, таһаарыылаахтык үлэлии олороллорун астына көрдүбүт. Икки мэндиэмэннээх, толору хааччыллыылаах эбийиэк сылаас.
Хоролор улууска туох сыла биллэриллибитин сураһаллар
Мунньах кулууп дьиэтигэр ыытылынна, дьон тоҕуоруһа мустубут, 55 киһи кэлбит. Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Илья Ильич Саввинов оскуолаҕа оҕону итии аһылыгынан аһатыы туһунан ис санаатын этиннэ. Урукку кэмҥэ курдук, дьиэ кэргэн статуһуттан тутулуктаммакка, оҕо барыта бииргэ, үөрэ-көтө оскуола минньигэс аһын тоҕо аһаабатын букатын өйдөөбөтүн биллэрдэ. Итиэннэ быйылгы 2024 сыл улууска туох сылынан биллэриллибитин ыйытта, онуоха Үөһээ Бүлүү төрөөбүт күнүгэр, ол эбэтэр олунньу 10 күнүгэр улууспутугар туох сыла буолбутун үрдүк трибунаттан биллэриэхпит диэн эппиэти ылан дуоһуйда.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччыта Николай Платонов Илья Ильич оҕону остолобуойга аһатыы тула биэрбит ыйытыгар чопчу хоруйдаата:
- Элбэх оҕолоох кыаммат ыал улуустааҕы социальнай управлениетыттан туоһу суруктаах буоллаҕына, байыаннай дьайыыга сылдьар төрөппүттээх оҕо, итиэннэ доруобуйатынан хааччахтаах оҕо оскуолаҕа аһыырыгар күҥҥэ 120 солкуобай, итиэннэ олохтоох бүддьүөттэн эбии 80 солкуобай көрүллэр. Алын кылаас оҕолоро бары босхо аһыыллар.
Олохтоох кулууп олус тымныы, дьиэтин маһа 1952 сыллаах, 1994 сылга көһөрүллэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар. Тамара Семенова дириэктэрдээх олохтоох кулууп кэлэктиибэ тымныы дьиэни аахсыбакка, былаан быһыытынан айымньылаахтык үлэлиир. Хоролор отчуоту «үчүгэйинэн» сыаналаатылар, итиэннэ салалта үлэтигэр-хамнаһыгар кыайыыны-хотууну, этэҥҥэ бурлууну баҕардылар.
Валентина ДОГОЮСОВА
Өргүөттэр суһал массыына туруорсаллар
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын сыллааҕы отчуота Өргүөт нэһилиэгэр буолла.Быстах кэмҥэ улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Люция Тойтонова улууска ыытыллыбыт үлэни сиһилии билиһиннэрдэ, олохтоохтор интэриэһиргиир боппуруостарыгар эппиэттээтэ.
Элбэх боппуруос, кэпсэтии доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр бэрилиннэ. Ол курдук быраас боппуруоһа, ыарыйдахха тутатына наадалаах эми атыылаһан ылан эмтэнэр аптека суоҕа, Үөһээ Булүү балыыһатыгар киирэн эмтэнэргэ куойка миэстэтэ аҕыйах буолан миэстэ тахсарын кэтэһэн сылдьыы курдук сытыы боппуруостар турдулар. Балыыһаҕа бэриллибит скорай массыына тоҕо суоҕун сурастылар. Дьыала түргэнник быһаарылынна. Люция Спиридоновна кылаабынай быраастан Сардаана Павловаҕа телефонунан эрийэн суһал массыына суоппара суох буолан сүүрбэккэ турарын биллилэр.
Уот бардаҕына, дизель холбоммокко, сибээс тутатына барарын тугу да быһаарсар кыах суох буолалларын этиннилэр. Эдэр специалистарга анаан аныгы олоххо эппиэттиир кыбартыыралар тутуллаллара наадатын этиннилэр.
Люция Спиридоновнаны кытта промышленность, тутуу уонна инфраструктура сайдыытын, тыа хаһаайыстыбатын, физическэй култуура уонна спорт, нэһилиэнньэ социальнай уонна үлэ көмүскэлин, ойуур хаһаайыстыбатын, үөрэх салалтатын салайааччылара сырыттылар. Тустаах боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Икки күн субуруччу быыбар агитациятын мунньаҕа буолбут буолан олохтоохтор сүрүн кыһалҕалара хайдах быһаарыллыахтааҕын билэн сырытталлар, улуус дьаһалтата сыллааҕы отчуотун, үлэтин-хамнаһын көхтөөхтук кэлэн иһиттилэр, дьүүллэстилэр, улуус дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Лариса Николаева