«РИК «Автодор» хампаанньыйа атырдьах ыйын 11 күнүттэн суолу өрөмүөннээһин, асфальтынан бүрүйээһин үлэтин саҕалаабыта. Кэнтик нэһилиэгин иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһин, асфальтынан бүрүйээһин үлэтэ «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» Российскай Федерация судаарыстыбанай бырагырааматын «Тыа сиригэр тыраанспар, суол-иис сайдыыта» федеральнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар.
Бырайыак көмөтүнэн Кэнтик нэһилиэгэр 5 уулусса (ул. им. Героя Советского Союза Миронова А.А., Советская, Харыялахская, Кентикская) уопсайа 2,25 км уһуннаах суол оҥоһуллар.
Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын хамаандата хас да сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр былырыын 2023 сылга федеральнай конкурска кыайан, суол өрөмүөнүгэр уопсайа 91 033 550 солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн — 55 741 000 солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттүттэн — 25 374 060 солк., Кэнтик нэһилиэгин бүддьүөттэн — 720 000 солк., эбии үбүлээһининэн — 9 198 390 солк. көрүлүннэ. Бүгүн суол оҥоһуллуутун хаачыстыбатын көрдүм, сорох сирдэргэ туох ситэри оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээн эттим», — диэн улуус ба7ылыга Валерий Николаев бэйэин ТГ-ханаалыгар суруйда.