Кэнники сылларга ППМИ (программа поддержки местных инициатив) диэн олохтоох нэһилиэнньэ кыттыылаах куонкурус, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үбүн министиэрстибэтэ тэрийэн ыытара тыа нэһилиэктэрэ үлэни-хамнаһы тэрийэллэригэр олус туһалаах хамсааһын буолла.
Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэ бу куонкуруска кыайан: оҕо оонньуур былаһааккатын, уу ситимин үлэҕэ киллэртэрэн, нэһилиэнньэҕэ бэрт сэргэхсийии таҕыста.
Улуус биэс нэһилиэгин халаан уутунан ньүөлсүтэр «Ороһу-Ньэгэдьээк» мелиоративнай систиэмэтин түмүк уута Балаҕаннаах нэһилиэгин хаба ортотунан баар хоруунан кэлэн Бүлүү өрүскэ түһэр.
Бу кэлэн ааһар уу түҥ былыргыттан баар «Алаас» диэн сүөһү уулуур, дьон иһэр наадатыгар туттар күөлүн халаан уутун кытары илдьэ баран хаалбыта. Төрүкү уолан былыргы онно эрэ хаалбыта. Күөлү чөлүгэр түһэриигэ 2018 сылга нэһилиэк бэйэтин 500 тыһ. солк. уонна улуус бүддьүөтүтүттэн 1 мөл. солк. 2021 сылга көрөн үлэ бөҕөтүн ыыттыбыт.
Күөлү чөлүгэр түһэриигэ улуус үбүлээһин көрөн балтараа мөл. солк. үлэ төлөбүрдээх барбыта.
Салгыы 2022 сылга 1 мөл 995 тыһ.солк. , 2023 сылга 2 мөл. 660 тыһ. солк . “Алаас» күөлү чөлүгэр түһэриигэ үлэ барбыта.
Балаҕаннаах нэһилиэгин дьаһалтата